22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Маалыкайга түөлбэнэн отчуоттууру сыыһанан аахтылар

18:52, 05 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньу 2 күнүгэр Ньурба улууһун Маалыкайыгар буолбут правительство отчуотугар хатыылар, малдьаҕардар, чуукаардар уонна өҥөлдьөлөр кыттыыны ыллылар. Правительство улахан бөлөҕүн экономика миниистирэ Максимов Валерий Иванович салайда.

Бөлөх салайааччыта Саха сиригэр 2015 сылга туох үлэ ыытыллыбытын кэпсээтэ. Ол кэнниттэн ааспыт сыллааҕы отчуокка боротокуолга киллэриллибит туруорсуулар туолууларын сырдатта: «АЛРОСА-Ньурба» уонна «Ньурба оройуона» МТ икки ардыларыгар үс сылга сөбүлэһии бу сыл тохсунньутугар түһэрсиллибит, онно ыйыллыбытынан, “АЛРОСА-Ньурба” оройуоҥҥа сылга 324 мөлүйүөн солкуобайы угуохтаах; быйыл Маалыкайга эдэр исписэлиистэргэ түөрт квартиралаах дьиэ тутуллуохтаах; Малдьаҕарга 50 миэстэлээх таас оҕо саада тутуллар; ОДьКХ үлэһиттэрин хамнаһа үрдээбит, быйыл өссө үрдүөхтээх; ууну ыраастыыр систиэмэлэр кэлбиттэр да, нэһилиэнньэ ыраас ууну кыайан атыыласпакка, үлэлээбэттэр, икки эрэ сиргэ: Дьаархаҥҥа уонна Маарга үлэлииллэр; бу сылга оптоволоконнай сибээс Дьокуускайтан Мииринэйгэ кэллэҕинэ, сибээскит тупсуо диэтэ; уотурба үс эрэ оройуоҥҥа субсидияланар; Чуукаарга оскуоланы тутуу 2017 сылга саҕаланыахтаах; эмиэ бу сыл Маалыкайга 75 миэстэлээх оҕо саада  киириэхтээх. Тыа хаһаайыстыбатыгар, атын да эйгэлэргэ, субсидия арааһа үлэлиир да, ол туһунан нэһилиэнньэ билбэтин, туһааннаах тэрилтэлэр нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриини-биллэриини оҥорботторун сөҕөр. Сорох боппуруостарга бырайыак, сайаапка бэриллибэтэҕин эттэ. Сорох боппуруостар, холобур, уот ситимэ, көрүллэ, үөрэтиллэ сылдьаллар диэтэ. Ол курдук, Өлүөнэ эбэбитин туоруур муостаны улуу Кытай норуота тутуоҕун сөп эбит. Хомойуох иһин, сорох нэһилиэк тутуулара, капитальнай өрөмүөннэрэ тохтообуттар.

Биир чаастаах иһитиннэрии кэнниттэн араас министиэристибэ, департамент салайааччылара боппуруостарга эппиэттээтилэр. Олохтоох базальты туһаныы, ветеринарнай өҥө үрдүгүн, хамнас, биэнсийэ, 1 га сир, Дьокуускайга онкологическай киин, Маалыкайга музыкальнай оскуола тутууларын, үөрэх, доруобуйа, эдэр ыал, эдэр үлэһит дьиэнэн хааччыллыытын, сэрии тулаайаҕа, ядернай боруобалааһынтан эмсэҕэлээбит экология, Маалыкайга үрдүк кыамталаах хочуолунай кэлиитин, ыраас уу атыытын, карточнай систиэмэ, Маалыкайдааҕы сберкасса, сибээс, цифровой телевидение, буойуна, уотурба, нэһилиэктэр быысаһар кыраныыссаларын чопчулааһын тустарынан, онтон да атын боппуруостар бэрилиннилэр.

Ол курдук, базальт туттуллуоҕун мэктиэлээтилэр; Маалыкайга үрдүк кыамталаах хочуоллар тураннар, ыаллар ититиигэ холбонуохтара диэтилэр. Цифровой телевидение ааспыт сылга киириэхтээҕин туһааннаах тэрилтэ үлэни ыыппатаҕыттан атахтаммыт. Ирдэһии ыытыллыа диэтилэр. Тыа дьоно карточканан ылар хамнастарын миэстэтигэр хайдах ылыаҕын, үс нэһилиэги хааччыйар сберкасса үлэтин үөрэтиэхпит, быһаарыахпыт диэтилэр. Нэһилиэктэр быысаһар кыраныыссалара, нэһилиэк олохтоохторо икки өттүттэн сөбүлэстэхтэринэ эрэ, уларыйыан сөп эбит. Сэрии тулаайаҕын туһунан сокуон тахсыахтаах, чэпчэтиилэр көрүллүөхтээхтэр.

Кэпсэтиилэр тыа хаһаайыстыбатын, сиртэн хостонор баайбыт, үөрэх, АЛРОСА-тан анаммыт 10 % акция, суол, үрдүк күүрүүлээх уот тула бардылар.

Хас биирдии киһи көрүҥэ атынын курдук, өйө-санаата эмиэ тус-туһунан. Правительство ыытар үлэтин ханнык эрэ көрүҥүн сөбүлүүр да сөбүлээбэт да баар. Былыр-былыргыттан сиртэн хостонор баайдаах өрөспүүбүлүкэ аатырдарбыт да, бэйэбит ол сырьебутун бачча сыллар тухары таҥастыырга үөрэммэппит сүрэ бэрт! Ньиэби араарар тэриллэрбит дьэбиҥҥэ сиэтиллибиттэр, бурдук үүннэрбэт буоламмыт уотурба оҥорор собуоттарбыт сабыллыбыттар, мөлүйүөнүнэн сыаналаах ууну ыраастыыр тэриллэрбит бородууксуйаларын атыылыыр кыахтара суох буолан, таах көрүнньүк буолан тураллар. Истиэххэ тугун куруһай! Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ сыл буолбакка уларыйа турдаҕына, туох үлэтэ тупсуой!?

Маалыкайдар суоттааһыннарынан, биир буочука ыраас уу 1200 солкуобай сыаналаах эбит. Дьэ, ким маны атыылаһыай? Мантан сиэттэрэн, сорох дьон баайбытын-дуолбутун атыылаан бүттүбүт, олохпут тупсубат диэн санаа түһүүлэх этиилэри эттилэр.

Тыл эппит дьон үксэ түөлбэнэн көрсүһүүнү сыыһанан аахтылар. Инники өттүгэр Правительство отчуота хас биирдии нэһилиэккэ ыытыллыахтааҕын ирдээтилэр.

Бу мунньахха ыйытыыга да, кэпсэтиигэ да нэһилиэктэртэн кэлбит дьонтон 1-2 киһи микрофоҥҥа таҕыста. Саамай элбэх, уонтан тахса киһи, Хатыыттан кэлбит. Атыттартан биэстии киһи кэлбит. Оттон нэһилиэктэргэ сылдьыбыттара буоллар, киһи сылдьыыта, ама, 5-10 киһинэн муҥурданыа этэ дуо?

Мунньах, бу ыарахан кэмҥэ: кыахтаах государстволар санкция биллэрбит кэмнэригэр, солкуобайбыт үүнэ-тэһиинэ суох аллараа түһэр кэмигэр, саха норуотугар кутталлаах сокуоннар ылыллаары турдахтарына правительство ыытар үлэтин биһириирин эттэ.

Правительство үлэһиттэрин кытары Ил Түмэн депутата Прокопьев Владимир Михайлович кэлсэн, үлэтин-хамнаһын туһунан, чуолаан 1 га туһунан кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА