Ньурба улууһун М.В. Мегежекскэй аатынан Маалыкай агрооскуолата кыһыннары оҕуруот аһын үүннэрэр, суруйар edersaas.ru
Маалыкайтан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, оскуола учуутала Прасковья Яковлева иһитиннэрэр үөрэх тэрилтэтигэр тэпилииссэлэрэ ас биэрэ турарын кэпсиир.
— Оскуола сайыҥҥы өттүгэр оҕуруот аһын арааһын олордон, оҕолору битэмииннээх аһынан хааччыйар эбит буоллаҕына, былырыыҥҥыттан кыһыннары үүннэрэри ситистэ. Ол курдук, эргиччи сылы быһа үлэлиир саҥа ититэр тиһиккэ холбоммут тэпилииссэни оскуола дириэктэрэ Федор Ушканов «Алроса» АХ кытта үлэлэһэн, 300 тыһыынча солкуобай үбү көрдөрөн туттарда, — диир кини.
Учуутал edersaas.ru-га кэпсээбитинэн, тэпилииссэ 2019 сыл алтынньытыгар үлэҕэ киирбит. Барытын бэлэмнээн, ситэрэн-хоторон баран, олунньу ыйга оҕурсу олордубуттар уонна муус устар ыйга номнуо ас ылан, нэһилиэнньэҕэ атыылаан саҕалаабыттар. Онтон ыла сайыннары-кыһыннары оҕуруот аһын үүннэрэллэр.
Бу барыта улахан сыраттан-сылбаттан тахсар үлэни өр сылларга үүнэйинэн дьарыктаммыт, сатабыллаах далбар хотуттар, оскуолаҕа производтственнай үөрэхтээһин маастардара Сусанна Саввинова уонна Саргылана Андреева сылаас, сымнаҕас илиилэринэн тутан-хабан, оҕолуу бүөбэйдээн, таптаан көрөллөр-истэллэр.
Быйыл сайын оҕурсуну, помидору, моркуобу, кабачогу, хаппыыстаны, хортуоппуйу, сүбүөкүлэни хото хомуйбуттар. Быйыл физалис, дьэдьэн, клубника олордон боруобалаабыттар. Фрукта физалиһын арааһын (слива, ананас) үүннэрэн, дьон хомпуот, барыанньа оҥостон кыһыҥҥыга хаһааммыта.
Билигин ахсынньы аам-даам тымныытыгар маастардар тэпилииссэҕэ сайыҥҥы сибэккилэри уонна оҕурсуну үүннэрэн тураллар. Оҕурсулара сэтинньи ый ортотугар диэри аһын үчүгэйдик биэрбит буоллаҕына, билигин халлаан олус тымныйан үүнүү бытааран турарын бэлиэтииллэр. Сырдык тиийбэтэ эмиэ мэһэйдэри үөскэтэрэ чахчы. Онон түүннэри ультрафиолетовай уоту холбоон тураллар.