Маҕан сэлиэнньэтин таһыгар умулларыллыбыт ойуур баһаара өрөбүл күн саҕаламмыта. Ол туһунан ыам ыйын 29 күнүгэр Дьокуускай дьаһалтатын планеркатыгар ыксаллаах быһыыга-майгыга управление салайааччыта Роман Платонов иһитиннэрдэ.
Баһаар, саҕаламмытын булуллубутун кэннэ, икки чаас иһигэр 19 гектардаах сири хабар. Уоту бэнидиэнньик сарсыарда 6 чаас саҕана умулуннарыллар.
Санаттахха, Дьокуускай территориятыгар ыам ыйын 25 күнүттэн баһаары утары оһуобай эрэһиим биллэриллибитэ. Ойуур баһаарын кутталын төрдүс кылааһа бигэргэммитэ. Быраабыланы кэһиигэ административнай ыстараап олохтонор. Өскө уот ойуур пуондатыгар көстөҕүнэ — холуобунай эппиэтинэс.