Владимир Колесов, «Мүрү-Ас» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооперативын дириэктэрэ:
– Быйылгы үүт былаана 2 029 туонна буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 900 туоннаны тутаммыт, былааммыт 44 %-нын толордубут. Уопсайа, үс арыы собуота, түөрт тутар пуун үлэлиир. Былырыын 64 хаһаайыстыбаны кытта үлэлэһэр буоллахпытына, быйыл үүтү 55 хаһаайыстыба туттарар. Ол аччааһын биричиинэтинэн, чааһынай киһи сүөһүтүн төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобай көрүллэринэн сибээстээх буолуон сөп. Ити биһиги курдук соҕотуопкалыыр тэрилтэлэргэ улахан охсууну оҥордо, оҥорон таһаарыы аччаабытынан үүт аһылыгы оҥорор бородууксуйабыт кыччаата. Бородууксуйа, оҥорон таһаарыы кыччыыр буоллаҕына, штат эмиэ кыччыыр буоллаҕа.
Билигин 6 чааһынай киһи ЛПХ (личное подсобное хозяйство) үүт туттарар. Былырыын 4 чааһынайдар 16,5 туоннаны туттарбыттара. Быйыл механизм уларыйан, соҕотуопка үүтэ кыччаата диэн 35 тыһыынчаны ылбыт чааһынай фермер үүтү 20 солкуобайга туттарар. Уон солкуобай субсидията, 10 солкуобай биһигини кытта аахсар харчыта. Бааһынай хаһаайыстыбалаах киһи 1 лиитэрэтигэр 60 солкуобайы ылар. Онон дьон интэриэһэ сүтэн иһэр курдук.
Былырыыҥҥы үүттэн 110 туоннанан аҕыйах үүтү тутан олоробут. Нэһилиэнньэҕэ үүт бородууксуйатын оҥорууга үлэһит каадыр суоҕа эмиэ охсор. Биһиэхэ технолог, оператордар, экэнэмиис тиийбэт. АГАТУ-лары кытта үлэлэһэбит. Устудьуоннары кытта мунньахтаабыппыт. Эдэр исписэлиискэ хамнаһын таһынан СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн эбии компенсация түһэр: орто үөрэхтээххэ 10 тыһыынча солкуобай, үрдүк үөрэхтээххэ 15 тыһыынча солкуобай хамнаһын таһынан компенсацияланар. Ити өттүгэр улууһу, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, ыччаты кытта үлэлэһиэххэ наада.
Бородууксуйа хаачыстыбата тупсарыгар дьиэ-уот, оборудование тупсуохтаах. Инники өттүгэр оборудованиеларбытын саҥардан өрөмүөннүүр былааннаахпыт. Быйыл саас Новосибирскайтан дилерскэй “Газель” хампаанньаттан тиийэн рефрижератор ылбыппыт. Онон билигин бородууксуйабыт тиийиэхтээх сирдэригэр хаачыстыбалаахтык
тиэрдэбит. Олох балысханнык сайдан иһэр. Ону кытта тыа хаһаайыстыбата тэҥҥэ сайдыахтаах.
Биһиги сүрүн бородууксуйаларбыт: арыы, үүт, сүөгэй, сливки, суорат, йогурт, о.д.а. Былырыын Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университеты кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, йодированнай үүтү оҥорор буоллубут. Ону тэҥэ быйыл кыһыҥҥыттан саҕалаан чохоону оҥорон атыыга таһаардыбыт.
Дьокуускайга 40-ча маҕаһыыны кытта үлэлиир буолан, киэҥ ырыынакка тахсарбытыгар бородууксуйабыт тас көрүҥүттэн саҕалаан аспыт хаачыстыбатын сайыннаран иһиэхтээхпит. Былаан киэҥ.
Уйгулаана Портнягина,
Мүрү саһарҕата