Дьэргэлгэн курдук дьиримнии угуйар ыра санаатын сырсан, ХИФУ Мииринэйдээҕи филиалыгар биэс сыл үөрэнэн, хайа инженерэ идэни ылбыта. Былырыын үөрэҕин бүтэрэн, «АЛРОСА-ҕа» киирэ сатаабыта да, миэстэ көстүбэтэҕэ. 2017 с. «Мир» рудник шахтатыгар улахан саахал тахсан, аны кими да үлэҕэ ылбаттарын эппиттэрэ.
Онон, алмаастаах куорат аанын Чурапчы уолугар арыйбатаҕа. Үлэтэ суох ханна олоруой, ол иһин Сэмэн төттөрү Дьокуускайга кэлэн, идэтинэн үлэ булбакка, Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр учуокка турбута. Өр-өтөр буолбакка, эдэр исписэлиискэ Нерюнгрига «Колмарга», эбэтэр «Якутугольга» үлэлии барарыгар сүбэлээбиттэрэ.
Уол докумуоннарын «Колмарга» биэрбитин, куттал суох буолуутун сулууспата бэрэбиэркэлээбитин кэннэ бастайааннай үлэҕэ хайа оробуочайынан ылбыттара. Семен үрдүк үөрэхтээх эрээри, уопута суох буолан, сөбүлэһэн үлэлээн киирэн барбыта.
Үлэбин «Колмартан» саҕалаабытым
Семен Серебрянай Бор бөһүөлэккэ баар үлэһиттэр уопсайдарыгар хоско үс буолан, Украинаттан уонна Красноярскайтан сылдьар уолаттары кытта бииргэ олорбута. Бастаан билбэт сиригэр иһигэр толло саныыр этэ да, хата бэрт кэпсэтинньэҥ, элэккэй дьон түбэһэн, кэпсэтии күө-дьаа тахсан, уолаттар өссө дьээбэлэһэр, солуута да суохтан күлэн ньиргитэр буолбуттара. Элбэх араас омук олорор куоратыгар, Мирнэйгэ үөрэммитэ, иҥнигэһэ суох нууччалыы саҥарара хата манна туһалаабыта.
Үрдүк үөрэхтээх оробуочай
Таас чоҕу хостуур бырамыысыланнаска үлэлиир дьон үксэ күнүскү эбэтэр түүҥҥү симиэнэҕэ үлэлииллэр. Уолаттар хосторугар бэйэлэрэ астанан, үлэлэригэр эбиэттэрин илдьэ бараллар. Оробуочайдар тимир суолга таас чох тоҕуннаҕына, ону ыраастыыллар, рельсэ ыраас турарын туһугар эппиэттииллэр. Күннэтэ аҕыс чаас таһырдьа сылдьан үлэлиир буоланнар, хаатыҥканан, саппыкынан, оробуочай сылаас таҥаһынан хааччыйаллар.
Тоҥнохторуна будкаҕа киирэн иттэллэр, итии чэй иһэллэр. Оробуочай маастар, начаалынньык тугу эппитин барытын толорон иһиэхтээх, онон, эттэхтэринэ, буолта эрийэллэр, хаар күрдьэллэр, остуолба уоттарын араараллар.
Маннык үлэҕэ хамнас кыра, Сэмэн 30 000 солк. кыраны аахсара. Киэһэ утуйаары сытан, үрдүк үөрэхтээх эрээри, суол ыраастааччынан, оробуочайынан хара үлэҕэ тоҕо үлэлиирин, уопсайынан, идэтин төһө сөпкө талбытын, инники олоҕун хайдах былаанныан эргитэ саныыра.
Күн аайы резюме ыытарым…
Хаста да ыйыталаһан көрбүтэ, маастар миэстэтэ суох эрэ дииллэрэ. Онон, суоҕу суоран ылыа да, үлэтиттэн кэлээт, араас сайтары хаһан, резюметын харса суох ыытан иһэрэ. «Арассыыйаҕа – үлэ» сайтка дойду араас муннуктарыгар хамнастаах үлэҕэ ыҥыраллара. Сэмэн чугастыы «Анаабыр алмаастарын» талбыта. Кыыстан сурук күүтэр курдук күн аайы баҕар эппиэт кэлиэ диэн, электроннай пуочтатын көрөрө, төлөпүөн тыаһын сэмээр күүтэрэ.
Ый да буолбакка, уолу «Анаабыр алмаастарыгар» үчүгэй хамнаска маастарынан ыҥыралларын туһунан каадыр үлэһитэ эппитэ. Сэмэн спортивнай суумкатыгар хап-сабар таҥаһын хомунан барбытыгар, үлэтигэр ыытыахтарын баҕарбакка чох кутар конвейерга машиниһынан ыҥырбыттара. Конвейер тохтообокко үлэлиирин хааччыйарын иһин 50-60 000 солк. хамнаһы төлүөх буолбуттара.
Биир аан сабылыннаҕына, иккис аһыллар
Ол эрэн, оҕо сааһыттан алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэлиэн баҕарар баҕа санаата баһыйан, эдэр исписэлиис Анаабыры талбыта. Билигин номнуо уопутуран, ханна үлэлии барарын Сэмэн бэйэтэ быһаарар. Бу ыам ыйыгар дуогабарынан алта ыйга баран үлэлиэхтээх, онтон сыл аҥаара сынньалаҥ. Олоҕор эмиэ биир саҥа үктэл кинини күүтэр.
Уол олоҕун аргыһын өссө көрсө, дьиэ-уот тэринэ илик буолан, өссө да барыта иннигэр. Хоту Алмаастаах Анаабыр сайын күн киирбэт, кыһын тахсыбат хараҥа түүннэрин сырдатар дьүкээбилин суһумун анныгар – саҥа үлэ, саҥа олох, саҥа доҕоттор, саҥа кэлэктиип, баҕа хоту халыҥ хамнас саха ыччатын ыраахтан дьиримнии угуйар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru