Ленскэйгэ урукку куораттааҕы үүт собуотун базатыгар оскуола аһын-үөлүн комбината үлэтин саҕалаата. Билигин куорат бары оскуолаларын биир менюнан аһаталла, диэн Ленскэй оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата кэпсиир.
Ленскэй оройуона бу курдук бырайыагы өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан үлэлэттэ. Оройуон үөрэҕин управлениетын начальнига Изумира Корнилова этэринэн, үөрэнээччилэр бэдэрээтчиттэр аһаталларын саҕана, икки поставщик баар буолан эрэйи көрбүттэрэ. Ол курдук, кини былырыын биир бэдэрээтчит тендери кыайаары ас- үөл сыанатын 200- тэн 67 солк. диэри намтаппытын холобур аҕалла.
«Оскуола аһын-үөлүн комбината этэҥҥэ үлэлээтэҕинэ, бу курдук кыһалҕа суох буолуо диэн эрэнэбит. Бу муниципальнай тэриллии буолар, онон уопуттаах үлэһиттэр, повардар үлэлиэхтэрэ, үчүгэй хамнаһынан, соцпакетынан хааччыллыахтара. Бүгүн биһиги оҕолорбутун күҥҥэ 280 солк. суумаҕа аһатабыт», — диэн Изумира Корнилова кэпсээтэ.