2 Муус устар 02.04
  • -7°
  • $ 80,62
  • 93,44

Ленскэй оройуонугар Ньүүйэ өрүһү туоруур муоста бэлэмэ 83% тэҥнэстэ

12:18, 14 сентября 2023
Читайте нас на

Ленскэй оройуонугар Ньүүйэ өрүһү туоруур муоста техническэй бэлэмэ 83% тэҥнэстэ. Муостаны «Безопасные качественные дороги» нацбырайыак чэрчитинэн туталлар, бэлэм эбийиэги бу сыл төрдүс кыбаарталыгар туттарыахтаахтар.

Саха сиринээҕи тырааныспар суолун управлениета иһитиннэрэринэн, муоста опората турда, бетонунан, тимиринэн бөҕөргөтүлүннэ.

Муоста уһуна 183 миэтэрэ буолуоҕа оттон суолун асфаалынан бүрүйүөхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова