Бу күннэргэ Дьокуускайга Ленин пааматынньыгын постаментан эмиэ устуохтара. Бу пьедесталга билиитэ ууруутун кытта сибээстээх дьаһал буолар. Таҥыы үлэтин кэнниттэн тута пааматынньыгы миэстэтигэр төнүннэриэхтэрэ, болдьоҕо нэдиэлэ.
Ол туһунан куорат эбийиэктэрин тутууга управление салайааччыта Вячеслав Нестеров иһитиннэрдэ.
Аан бастакытын Ленин пааматынньыгын 2022 сыл от ыйын 14 түүнүгэр демонтажтаабыттара. Онно скульптураны реставрациялаары ылбыттара. Ол кэннэ миэстэтигэр төннөрбүттэрэ — 2023 сыл сэтинньи 3 күнүгэр.
Билигин постамент өрөмүөнэ түмүктүүр чааһыгар сылдьар. Урукку өттүгэр пааматынньык ленточнай фундамеҥҥа турбут эбит буоллаҕына, билигин түөрт бигэ сыбаайаҕа оҥоһулунна, диэн кэпсээтэ «Уран» дизайн-устуудьуйа генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Яроев
Маны сэргэ пьедестал уонна трибуна облицовката ыытыллар.
Салгыы «Сэттэ» хампаанньа пааматынньык таһынааҕы территорияны тупсаран оҥорууну саҕалыаҕа.