22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ленатааҕы пароходство уу суолунан таһаҕаһы тириэрдиигэ былаанын таһынан толордо

13:31, 24 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ленатааҕы холбоһуктаах өрүс пароходствотын суудуналарынан 1 мөл 612 тыһ туонна таһаҕас быйылгы навигацияҕа тириэрдилиннэ: 1187,3 тыһ туонна «сухогруз» уонна 424,6 тыһ туонна уматык.

2022 сыллааҕы былаан таһынан туолла, навигация түмүктэнэн эрэр. Уу айаныгар билигин 87 техника сылдьар – 65 сухогрузнай уонна 22 нефтеналивнай.

2022 сыл навигациятыгар ЛОРП 1 мөл 589 тыһ туонна таһаҕаһы тиэйэр-таһар туһунан былааннаабыта — 449 тыһ туонна нефтеналив уонна 1 мөл 140 тыһ сухогруз.

«Зея» теплоход Осетровоттан таһаҕастаах тахсан, Ленскэйгэ тириэрдэр соруктаах. Витимҥэ Дьокуускайга аҕалыллыахтаах маһы тиэнэллэр. Өлүөхүмэҕэ  МП-2502 баржаттан олохтоох ОДьКХ туһаныытыгар чох сүөкэнэр, Солянкаҕа анаан теническай таһаҕас МП-2554 бааржаттан тиэйиллэр.

Солянкаҕа «Василий Гусев» теплоход МП-2567 баржанан пеноплекс уонна техническай таһаҕас тириэрдэн иһэр.

«СК-2034» Ленскэйгэ айанныыр, онно сүөкэнэ түһэн баран, Дьокуускайдыахтаах.

Сиһилии https://ysia.ru/lenskoe-parohodstvo-perevypolnilo-plan-po-dostavke-gruzov-v-navigatsiyu-2022-goda/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар