«Лена», «Бүлүү» уонна «Халыма» суолларыгар суотабай сибээс баар буолуо

2020 сыл түмүктэниэр диэри «Лена», «Бүлүү» уонна «Халыма» айан суолларын устатын тухары суотабай сибээс баар буолуо. Бу туһунан СӨ инновацияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.


Суол кытыытыгар турар сибээс эбийиэктэригэр киирии суоллары оҥорууга, ону тэҥэ антенналаах сибээһи тарҕатар эбийиэктэри тутууга уонна уотунан хааччыйыыга үс миллиард солкуобай көрүллүө.

Тутуу үлэтэ федеральнай бүддьүөт субсидиятын үбүлээһининэн ыытыллыа.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 22.10.2019 11:46 11:46