22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэ министиэристибэтэ 2021 сылга Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктары аҕыйатар туһунан этиини сыаналаата

09:59, 10 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэ министиэристибэтигэр 2021 сылга Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар хонуктарын аҕыйатар туһунан бырайыак киирдэ. Санатар эбит буоллахха, үлэлээбэт күннэр Үлэ кодексатыгар олоҕуран ылыллыбыттара, тустаах пресс-сулууспа РИА Новости-га иһитиннэрдэ.


Эрдэ сенатор Андрей Кутепов Үлэ министиэристибэтигэр 2021 сылга Саҥа дьыллааҕы каникулу үс хонукка диэри, тохсунньу 1 — 3 күннэрэ, кыччатар туһунан сокуон барылын быһааралларыгар этии киллэрбитэ.

Үлэ министиэристибэтигэр бэлиэтээбиттэринэн, Үлэ кодекса быһаарарынан, тохсунньу 1 — 6 күннэрэ уонна 8-с чыыһылата Саҥа дьыллааҕы каникулларынан биллэриллэллэр, тохсунньу 7 күнэ — Ороһооспо. Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, ҮК быһаарыыны үлэни биэрээччи уонна үлэһит кэпсэтиилэрин түмүгүнэн уларытыахха сөп.

Россия тутулуга суох профсоюзтарын Федерациятын салайааччыта Михаил Шмаков этэринэн, тэрилтэ Кутепов этиитин утарар, тоҕо диэтэххэ үлэһит быраабын күөмчүлүүр уонна «экономика үс ый тохтоон туруутун компенсациялаабат». 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА