21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Өлөөҥҥө тоһоҕону ыйыстыбыт оҕону быыһаатылар

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Муус устар 30 күнүгэр Өлөөҥҥө эрдэҕэс саастаах уол оҕо алҕас кыра тоһоҕону ыйыстыбыт, суруйда Саха сирэ саайт.

Бу туһунан истээт, Дьокуускайтан саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи кииниттэн миэдиктэр биригээдэлэрэ Өлөөҥҥө көппүттэр. Миэдиктэр биригээдэлэригэр эндоскопист-быраас Протодьяконов В.К., анестезиолог-реаниматолог Павлов Д.А., биэлсэр Анисимов А.Р. бааллар. Оҕону рентген нөҥүө ыйдаҥардан көрбүттэрэ, ыйыстыбыт тоһоҕото оҕо хаҥас тыҥатыгар сылдьара биллибит. Уустук эндоскопическай эпэрээссийэни быраастар ситиһиилээхтик оҥорбуттар. Оҕо төрөппүттэрэ, аймахтара маҥан халааттаах аанньалларга махтанан социальнай ситимнэргэ суруйдулар.

«Аймах оҕобут тоһоҕону (канцелярскай) ыйыстыбыт иэдээннээх күнүгэр, бырааппытын Мииринэй куоракка илдьэр туһунан боппуруос турбута. Ол эрээри ити күн халлаан туругунан бөртөлүөт көппөтөҕө. Дьокуускайтан миэдиктэр биригээдэлэрэ кэлэн оҕобутун, Кирилл Павловы, быыһаатылар. Эндоскопист Владислав Константинович Протодьяконовка. анестезиолог-реаниматолог Павлов Дьулустан Аркадьевичка, биэлсэр Александр Ревович Анисимовка барҕа махталбытын тиэрдэбит, ону сэргэ Өлөөн оройуонун киин балыыһатыгар, кылаабынай бырааһы солбуйааччы Диана Евгеньевна Гуляеваҕа, хирург Афанасий Алексеевич Макаровка, анестезиолог-реаниматолог Алексей Александрович Синицыҥҥа, кини сиэстэрэтигэр Наталья Валерьевна Синицынаҕа уонна бары мэдиссиинэ үлэһиттэригэр идэҕитигэр бэриниигит иһин махтанабыт!«, — диэн уустук эпэрээссийэни ааспыт оҕо эдьиийэ Мария Степанова суруйар.

Бэлиэтээн эттэххэ, саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ төгүрүк сыл устата түүннэри-күнүстэри дьон олоҕун быыһыы өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар көтөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА