Өлөөн оройуонугар Өлөөн өрүскэ сэтинньи 14 күнүгэр быыһааччылар сүппүт дьонтон иккиһин өлүгүн булан, ууттан хостоотулар. Хаар техниката муус анныгар түспүт сириттэн 600 м тэйиччи сытар. Уу аннынааҕы камера көмөлөстө, суруйда быыһыыр сулууспа.
Муус анныгар түспүт хаар техникатын сэтинньи 3 күнүгэр сылгы баазатыттан 80 килэмиэтирдээх сиргэ булаллар. Икки эр киһи бу техниканан күн эрдэлээн баазаҕа айаннаабыттара биллэр. Сэтинньи 7 күнүгэр сүппүт дьонтон биирин өлүгэ көстөр. Кинини Өлөөн өрүскэ буран тимирбит сириттэн 300 км тэйиччи булаллар.
Быыһыыр сулууспа водолазтара быһылаан буолбут сиригэр сэтинньи 8 күнүгэр тиийэллэр. Кинилэр Өлөөн эбэҕэ тыһыынча кв.м. тайаан, уу аннынааҕы камеранан көрдүүллэр. Муус анныгар көстүү «нулевой», толору кыдьымах турар кэмэ.
Көрдөөһүҥҥэ 14 киһи кытынна – икки водолаз уонна 12 олохтоох волонтер.