Саха сиригэр 2020 сылтан Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун бырайыага былааннаахтык үлэлиир. Ыам ыйыттан бэлэмнэнии үлэтэ барар. Оттон баараҕай эбийиэги тутуу 2022 сыл сааһыттан саҕаланара былааннанар. СИА-ҕа тустаах дириэксийэ иһитиннэрдэ.
2020 сыл саҕаланыаҕыттан Өлүөнэни туоруур муостаны тутууга былааннаах үлэ ыытыллар: бырайыакка концессионнай сөбүлэҥ түһэрсиитэ, сүрүн бэдэрээччити кытта дуогабар баттаһыыта, инженернай-чинчийэр үлэлэр түмүктэннилэр, үбүлээһиҥҥэ партнерынан «Сбербанк» ПАУо буолла, эбийиэк тутуллар сирин учаастага ананан бэрилиннэ, судаарыстыбаннай экспертиза сөбүлэҥ түмүгэ уонна тутуу 1-кы түһүмэҕэр (сири бэлэмнээһин) көҥүл ылылынна.
Бу сыл ыам ыйыттан концессионердар эбийиэк тутуллар сирин бэлэмнээһиҥҥэ ыыппыт үлэлэрэ: 1 №-дээх технологическай былаһаакка тутуута, электричество уотун, гаас, сибээс ситимин тардыы.
Ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан сиһилии манна ааҕыҥ: https://ysia.ru/stroitelstvo-mostovogo-perehoda-cherez-reku-lenu-planiruyut-nachat-vesnoj-2022-goda/