— Быһылаан буолбутун туһунан биһиэхэ бэҕэһээ киэһэ иһитиннэрбиттэрэ. Оҕолор мэниктээбиттэр, маркерынан уруһуйдаабыттар. Пааматынньыгы ыраастаатыбыт, чөлүгэр түһэрдибит. Пааматынньык аттыгар икки камера баар, ол эрээри, чугас турар камера тоҕо эрэ үлэлээбэт эбит. Иккис камераҕа чуолкайа суох көстөр, ол эрээри, оҕолор сылдьаллара биллэр. Хантан кэлбиттэрин-барбыттарын билэр туһуттан, чугастааҕы камералары көрөллөрүн курдук, полицияттан көрдөстүбүт, — диэн Сергей Щебляков иһитиннэрдэ.
Үлэлээбэт камера туһунан бэдэрээтчиккэ биллэрбиттэр. Төрүөтүн билэн баран, саҥаны туруоруохтаах.
Санатар буоллахха, бэҕэһээ Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай аттынааҕы Хаҥалас бөһүөлэгэр мазут бээтинэлэрэ тохтубута биллибитэ. Билигин ол бээтинэлэри суох оҥорорго үлэ барар.
Өлүөхүмэҕэ турар Өлүөнэ өрүс пааматынньыга биир саамай кэрэ көстүүлээх мэҥэ таас буолар. Өлүөхүмэ куорат 380 сылыгар анаан 2015 сыллаахха туруорбуттара. Ааптара — скульптор Николай Чоччасов. Үс миэтэрэлээх скульптураны итиини-тымныыны тулуйар, уһулуччу кытаанах, маҥан бетонтан оҥорбуттара. Туруорбуттарын кэннэ сыл буолаат, пааматынньыгы вандаллар дьаабылаабыттара, ол иһин камералары ыйаабыттара. Билигин да буруйдаахтары булан, төрөппүттэрин ыстарааптаан, оҕолору кытта өйдөтөр үлэни ыытыахтарын наада.
Ангелина Васильева, Саха сирэ