Өлүөнэ өрүскэ алын тардыытыгар муус хамсааһына Ленскэй оройуонун Пеледуйун туһаайыытынан бэлиэтэнэр. Үөһээ тардыыта Саха сиригэр уонна Иркутскай уобаласка.
Суукка иһигэр муус 24 килэмиэтир уһунна. Пеледуйга уу таһыма 1094 см буолла, кутталлаах бэлиэтээһин 1200, муус турар. Витим туһаайыытынан – 750 см, кутталлаах бэлиэтэ 950.
Муус устуута 34 км.
Муус тохтоон хааллаҕына, Пеледуйга 1070-1120 см тиийэ уу тахсыан, намыһах сирдэри ылыан сөп.
Сиһилии: https://ysia.ru/za-sutki-ledohod-na-reke-lene-prodvinulsya-na-24-kilometra/