Өлүөнэ өрүс мууһа Хаҥалас оройуонугар устан саҕалаата

Фото: ГУ МЧС РФ по Якутии

Ыам ыйын 17 күнүгэр сарсыарда Өлүөнэ өрүс мууһа Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас сирдэригэр уста турар. Саха сиринээҕи ЫБМ пресс-сулууспата сэрэтэринэн, Хаҥалас оройуонун сиригэр-уотугар уу таһыма үрдүүр чинчилээх.

Муус алын кырыыта Иһит нэһилиэгиттэн 20 км аллараа баар. Дьокуускайга диэри 300 км хаалла, Покровскай-Дьокуускай -Кангаласс учаастагар муус кыратык хамсыыра көстөр.

This post was published on 17.05.2023 11:03 11:03