Көрсүһүү сыалынан олохтоохторго хамсаабат баай-дуол эбийиэктэригэр быраабы бигэргэтэр докумуоннары толоруу бэрээдэгин быһаарыы буолла. Ол иһигэр Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын олоххо киллэрэргэ сир учаастагын атыылаһыы былааннанарынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ социальнай наймылаһыы дуогабардарын туһунан.
Өлүөнэ муостатын тутуу дириэксийэтин дириэктэрэ Артем Артемьев маннык эттэ: “Өлүөнэ муостатын бырайыага – бу эрэгийиэн тырааныспарка инфраструктуратын сайыннарыыга дьоһун хардыы. Ол эрээри ханнык баҕарар уларыйыы дьоҥҥо сыһыаннааҕын өйдүүбүт. Ол иһин барыта дьэҥкэ буоларын туһугар олохтоохторго докумуоннары толоруу хас биирдии түһүмэҕэр көмөлөһөргө бэлэммит”.
Бүгүҥҥү күҥҥэ сир учаастагын бас билэр биэс киһи атыылаһан ылыы туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар, кинилэртэн иккитэ уу харчынан толуйууну ылла.