Кулун тутар 14 күнүттэн «Полярные авиалинии» хампаанньа Дьокуускай — Өлөөн — Дьокуускай хайысхатынан айанныыр 2 — 12 саастаах оҕолорго төлөбүрү 100% түһэрдэ. Босхо билиэттэри хампаанньа каассаларыттан ылыахха сөп диэн СИА-ҕа тустаах пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.
Анал тарыып 2020 сыл бүтүөр диэри олохтонор.
Дьокуускай — Өлөөн — Дьокуускай хайысханан рейс бээтинсэ аайы толоруллар. Кулун тутар 28 күнүгэр диэри — чэппиэргэ эмиэ көтөр. 2 — 12 саастарыгар диэри оҕолор хампаанньа рейстэригэр арыаллааһына суох ылыллаллар. 20 кг диэри таһаҕас көҥүллэнэр.
Маннык быһаарыыны Өлөөн улууһун баһылыга Александр Иванов ылынна. Олохтоох бюджеттан ороскуоту уйунууга субсидия көрүлүннэ. Бу нэһилиэнньэ айанныырыгар хааччахтары туоратыыга үчүгэй холобур буолар.