Өлүөхүмэҕэ саҥардыллыбыт улуустааҕы киин балыыһа дьиэтигэр онкологическай көмө амбулаторнай киинэ аһылынна.
«Кииҥҥэ “онкопоиск” ыытыахтара, диспансернай кэтэбил, химиотерапия оҥоруохтара, ыарыһаҕы кэтээн көрүөхтэрэ», — диир Өлүөхүмэтээҕи балыыһа кылаабынай бырааһын э.т. Анна Гаврильева.
Киин үөрүүлээх аһыллыыта ахсынньы 9 күнүгэр буолла. Быраастары улуус баһылыгын солбуйааччы Оксана Саввинова, куорат баһылыгын э.т. Сергей Щебляков уонна «Транснефть-Восток» тэрилтэттэн Юрий Воробьев эҕэрдэлээтилэр.
Саха сиригэр уопсайа 13 маннык киин баар. Быйыл онкологическай көмө амбулаторнай киинэ Бүлүү, Ленскэй, Хаҥалас улуустарын киин балыыһаларыгар аһылыннылар. 2024 сылга 18 киин баар буолара былааннанар.