Кытыл Дьурааҕа “Сайдыы” култуура киинэ кэҥээн, эбии кэнсиэртиир саалата тутуллан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Кытыл Дьурааҕа култуурунай-спортивнай комплекс 2010 сыллаахха арыллыбыта. Нэһилиэк дьоно сэргэхсийэн, олох биллэ тубуста.
Дьаамсыктар төрүт култуураларын билиһиннэрэр сыаллаах “Играй гармонь, живи частушка” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурса үтүө үгэскэ кубулуйан бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар. Маннык улахан тэрээһини аҕыйах сыллааҕыта дьураалар бу кииннэригэр үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэрэ үгүһү кэпсиир.
“Сайдыы” култуура киинэ нэһилиэк бастыҥ дьиэтэ буоларын быһыытынан, туох баар тэрээһиннэр манна ыытыллаллар. Биир саалаҕа спортивнай уонна култуурунай дьаһаллар буолаллар. Биллэн турар, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэһии баар, араас кыһалҕалары көрсөллөр. Баһылык Вероника Николаевна Лотова нэһилиэк үбүн-харчытын экономиялаан, култуура киинин улаатыннарар сыалтан, сөптөөх дьаһалы ылла. Улууспут киинигэр уонна Дьокуускай куоракка тиийэ кэнсиэртэри тэрийэн, акциялары ыытан, өрөспүүбүлүкэҕэ тендер биллэриллибитэ. А.В. Попов салайааччылаах “Артим” ХЭТ тутуу биригээдэтэ аҕыйах ый иһигэр бэртээхэй, сырдык сааланы тутан дьэндэттилэр.
Саҥа эбийиэк арыллыытыгар үгэс быһыытынан сиэри-туому ситэрэн айылгылаах киһибит, биир дойдулаахпыт Арыйаан Петров алгыһын анаата. Кыһыл лиэнтэни быһан саҥа саалабытыгар тоҕуору мунньустан эҕэрдэ кэнсиэри сэргии көрдүбүт.
Улуус баһылыгын солбуйааччыта Н.Н.Федоров, Үөдэй МТ баһылыга Р.И.Филиппов, Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салайаачыта С.В.Громова, Хаҥалас улууһун “Арчы” дьиэтэ” норуот айымньытын киинин директора Л.В.Харитонова, “Сайдыы” култуура киинин директора Светлана Колесова эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Баһылык В.Н.Лотова култуура сайдарын туһугар үлэлэһэр көхтөөх дьоҥҥо «За вклад в сфере культуры и духовного развития МО “Мальжагарский 5 – й наслег” Хангаласского улуса РС (Я)» саҥа Бэлиэ оҥотторон, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Кини кылгас кэмҥэ кэлэн директорынан үлэлии сылдьыбыт, ансаамбыллары тэрийэн, нэһилиэк олоҕун сэргэхсиппит, бу саала тутуутугар үгүс сүбэтин, аматын биэрбит, сыратын ууран үлэлэспит Николай Никитиҥҥэ улахан махталын тириэртэ.
Кэнсиэри киэргэттилэр оскуола оҕолоро, “Тэтим” фольклорнай бөлөҕө, “Айылҕан”, “Кэрэ” дьахталлар ансаамбыллара, саҥа үлэһит Владимир Жирков уо.д.а.
Ааптар: Лидия Харитонова, “Хаҥалас” хаһыат общественнай кэрэспэдьиэнэ