Кытай сорох тэрилтэлэрин Уһук Илиҥҥэ көһөрөр туһунан толкуйдуур. Ол туһунан РФ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Миниистир Александр Галушка Пекиҥҥэ тиийэ сырыттаҕына, эрдэ ити туһунан дуогабардаспыттарын биэдэмистибэ бэлиэтиир.
«Кытай сорох тэрилтэлэрин бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар ылар уонна холбоон экспортка тахсар оҥорон таһаарыыны сайыннарар соруктаахпыт. Дуогабар экономика тутаах салааларыгар: тутуу индустриятыгар, металлургияҕа, энергиэтикэҕэ, массыынаны оҥорууга, суднолары тутууга, цемент, чэпчэки промышленностарга, телекоммуникация эйгэтигэр, тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһарар кыаҕы улаатыннарыыга олугу уурар. Кытай сорох тэрилтэлэрин Уһук Илиҥҥэ аҕаллахха, кинилэр Россияҕа баар экология ирдэбиллэрин булгуччу тутуһуохтаахтар», — диэн министиэристибэ иһитиннэриитигэр этиллэр.