23 Сэтинньи 23.11
  • -20°
  • $ 102,58
  • 107,43

Кытай компанията Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны бырайыактыыр үлэҕэ ылыста

17:36, 13 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кытай China Railway Construction Bridge Engineering Bureau Group Co. Ltd (Мостовое инженерное бюро CRCC) уонна Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ Россиятааҕы уонна Кытайдааҕы II-с ЭКСПО чэрчитинэн Екатеринебург куоракка көрүстүлэр.


Саха сириттэн тырааныспар миниистирэ Семен Винокуров, инновационнай агенство генеральнай дириэктэрэ Алексей Загоренко, Пекиҥҥэ Россия бэрэстэбиитэлистибэтиттэн Степан Андреев уонна «Якутия» технопарк салайааччыта Анатолий Семенов сырыттылар.

Семен Винокуров муоста бырайыагын туһунан кэпсээтэ. Оттон Кытай компаниятын вице-президенэ тойон Ву Кэфэн кини салайар тэрилтэтэ уустук климаттаах дойдуга муостаны тутууга улахан уопуттааҕын чиҥэтэн эттэ.

Россия тырааныспарга министиэристибэтин кытта муостаны тутуу туһунан меморандумҥа илии баттыырга бэлэмнэрин эттэ.

Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев Саха сиригэр кэлэ сылдьан Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутууну уонна ону Россия бырабыыталыстыбата өйүүрүн туһунан дьүүллэспиттэрэ.

«Өлүөнэни туоруур муоста тула Егор Борисовтыын куруук сүбэлэһэ, ырыта олоробут. Кини этиитэ оруннаах, муоста дьиҥнээхтик наада, онон муоста тутуллуоҕа, биһиги онуоха көмөлөһүөхпүт!» — диэн Дмитрий Медведев «Биир ньыгыл Россия» актыыбын кытта көрсүһүүтүгэр эппитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА