Саҥа быраас Саргылана Трофимова үлэлии тахсыбытыгар өр кэмҥэ бырааһа суох олорбут кыргыдайдар үөрүүлэрэ муҥура суох. Мэдиссиинэ үрдүк квалификациялаах үлэһитэ улуус кииниттэн тэйиччи сытар бөһүөлэккэ үлэлии тахсарыгар ичигэс, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор усулобуйа тэриллибитэ биир сүрүн төрүөт буолла.
Ахсынньы 15 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Прокопий Николаев, улуус, нэһилиэк салалталара кыттыылаах 4 квартиралаах уопсай дьиэни үлэҕэ киллэрии сиэрэ-туома тэриллибитэ. Билигин хайы-үйэ саҥа квартираларга эдэр испэсэлиистэр олохсуйдулар. Бу күннэргэ оскуола уонна култуура эйгэтин эдэр үлэһиттэрэ, баһылык солбуйааччыта саҥа квартираларга көһөн киирдилэр.
Эдэр испэсэлиистэри олохсутан үлэлэтэргэ анаан уопсай дьиэ тутуллубутугар Кыргыдай нэһилиэгин баһылыгын Василий Александрову бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини дьиэ тутуутун бырайыагын тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр көмүскээбитин түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу ситиһиилээхтик ааспыта. Уопсай дьиэни тутуу «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааманан, ол эбэтэр, федеральнай, Бүлүү улууһун, нэһилиэк кыттыгас үптэринэн ыытылынна.
Кыргыдай нэһилиэгин баһылыга Василий Александров билиһиннэрбитинэн, уопсай дьиэни тутуу суумата 19 мөл. солк. тахсаҕа тэҥнэспит. Тутууга федеральнай киин 13,8 мөл. солк., Бүлүү улууһун дьаһалтата 4,1 мөл. солк., Кыргыдай нэһилиэгэ 1,8 мөл. солк. көрөн үбүлээбиттэр.
Дьиэни Федор Николаев салайааччылаах «Стандарт+» ХЭУо туттарда. Тутууну Бүлүүгэ биллэр уус Павел Романов сайын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри салайан ыытта. Уопсай дьиэ бырайыагын нэһилиэк дьаһалтата оҥорторбут, дьиэ иэнэ 200-кэ кв м эрэ кыайбат, бэйэтэ тиэргэннээх, оҕо оонньуур кыракый былаһааккалаах.
Быйылгы сылга Бүлүү улууһун тыатын сиригэр испэсэлиистэргэ аналлаах икки саҥа дьиэ тутуллубутун бэлиэтиэххэ сөп. Ааспыт саас Бөтүҥ бөһүөлэгэр испэсэлиистэргэ саҥа бэртээхэй, толору хааччыллыылаах уопсай дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Ити курдук, Бүлүү улууһугар испэсэлиистэри, эдэр үлэһиттэри тыа сиригэр олохсутан үлэлэтэргэ саҥа дьиэлэри тутуу ыытыллар.
Николай Куприянов,
Павел Романов фотолара.