Кылааһы салайыы иһин балаҕан ыйынааҕы эбии төлөбүрү 800 тыһыынча учуутал Идэлээх бырааһынньыктарын иннигэр тутуоҕа. Ол туһунан РФ үөрэххэ миниистирэ Сергей Кравцов бэрэсидьиэн Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытта мунньаҕар иһитиннэрдэ.
“Эһиги сорудаххытынан кылааһы салайыы иһин эбии төлөбүрдэри туох да хааччаҕа суох олохтооһун саҕаланна. Баар үп барыта тыырылынна. Бары кылаас салайааччылара — ити 800 тыһыынчаттан тахса киһи — балаҕан ыйынааҕы эбии төлөбүрдэрин Учуутал күнүн иннинэ тутуоҕа», — диэтэ үөрэх миниистирэ Сергей Кравцов.
Миниистир бу дьаһалы Федерация Сэбиэтин, Нолуок сулууспатын уонна Казначействоны кытта хонтуруолга туталларын эттэ. “Билигин хас биирдии оскуола, хас биирдии кылаас салайааччыта биллэр. Быһа ситим холбонно, манна учууталлар бэйэлэрэ төлөпүөннээн дьаһал хайдах туоларын этиэхтэрин сөп“, – диэтэ кини.
Үөрэх эйгэтин баһылыга эппитинэн, бу төлөбүр атын ханнык да төлөбүрдэргэ сыһыана суох, туспа бэриллэр. “Бу учуутал интэриэһин көмүскүүргэ туһалыаҕа, эрдэ баар төлөбүрдэри кыччатыыга тириэрдиэ суохтаах — кылаас салайааччыта, хотугу уонна регионнааҕы надбавкалар син биир бааллар“, – эттэ кини.