Кулун тутар ый төрүт дорҕооҥҥо саҥа сүүрээннэри, үлэ үтүө түмүгүн көрөр-билэр түгэни бэлэхтээтэ. Ол курдук, аан бастакытын кылыһах-кырыымпаны оҥорор маастардар уонна толорооччулар күрэстэрэ буолан ааста. Сахабыт сиригэр бу кэнники сылларга кыл струнаалаах чаачарынан оонньонор инструмены оҥорор маастардар уонна толорооччулар элбээн иһэллэрэ, дьаныардаахтык дьарык барара — бу дьиҥ сахалыы тыыннаах тэрээһиннэр туоһулаатылар.
Кыл кылыһах (кылыһах-кырыымпа) маастардарын күрэҕэ “Мас уустарын тойуга” диэн ааттаах саха иһитин-хомуоһун (чороон, кытыйа), саха ох саатын оҥорор маастардарын кытта ситимнээх түмсүү иһинэн буолан ааста. Күрэҕи Р.И.Готовцев салайааччылаах Саха сирин уустарын сойууһа, С.Т.Попова салайааччылаах “Норуот уус уран оҥоһуктарын харыстыыр уонна сайыннарар Киин” автономнай коммерческайа суох тэрилтэтэ уонна Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан национальнай үҥкүү тыйаатырын “Кыл Саха” бөлөҕө (сал. А.И.Томская) тэрийдибит.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ кыл кылыһаҕы оҥорор 28 маастар Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Амма, Таатта, Уус Алдан, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускай куоракка дьарыктаналларын билэн, билсиһэн олус үөрдүбүт. Онно олук уурбут Киһибитинэн, кыл струна эрэ төрүт дорҕооммутун биэрэр, сахалыы ыллыыр-туойар, саҥарар диэн норуокка тириэрпит сүрүннээччибитинэн норуот маастара Руслан Габышев буолар. Бу тэрээһиҥҥэ Руслан Прокопьевич сүрүн эксперт буолла, киниэхэ СӨ Бырабыыталыстыбатын аатыттан С.В.Местников анал бирииһэ үөрүүлээх түгэҥҥэ махтал-билинии бэлиэтинэн туттарылынна. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык, олус интэриэһинэйдик көрөөччүлэр, сэҥээрээччилэр, экспертар харахтарын далыгар буолан ааста.
Эрдэттэн уустарбыт кыл кылыһахтарын сохотуопкаларын илдьэ кэлбиттэрэ уонна икки күн иһигэр ситэри чочуйан, сирэйин (дека) олордон, оһуордаан, кылтан струна тардан тыаһыыр инструмент оҥорон таһаардылар. Бу бэрт интэриэһинэй, айар тутар талааннаах дьоммутун тургутар, сатабылларын үрдэтэр күрэххэ маастардарбыт бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастыы билсиһэн-алтыһан, көрөн-истэн астына үлэлээтилэр. Күрэс кулун тутар ый 15-16 күннэригэр “Строительный” рынок атыы-эргиэн быыстапкалыыр павильонугар ыытылынна.
13 маастар Сахабыт сирин улуустарыттан кэлэн уонна Дьокуускай куораттан кытыннылар.
Күрэххэ 1998 сылтан саха музыкальнай инструменнарын оҥорор маастар А.Д.Харайданов (Тааттаттан) кыттыыны ылла, бэйэтин дьарыгар бэриниилээхтик үлэлии сылдьарын эдэр маастардарбытыгар көрдөрөн холобур буолла. Алексей Дмитриевичка, ытыктыыр киһибит Александр Иванович Чахов үөрэнээччитигэр, “Сүгүрүйүү бэлиэтэ” анал аат туттарылынна.
Биллэр уустар Роман Готовцев, Николай Аржаков-Боло Уус кыл струнаалаах кыл кылыһахха ылсыбыттара олус үөрдэр. Боло Уус саха муусукаалынай инструменнарын араас көрүҥнэрин оҥорор, кыралаан оонньуур. Онтон, Роман Ильич – тимир уустарын салайааччыта, бу улахан тэрээһиммит сүрүннээччитэ, биһигини түмпүт Киһибит буолар. Күрэхпитигэр утумнааһын, удьуордааһын баара көһүннэ – ол бу дьарык инникилээҕин көрдөрдө. Ол курдук Уус-Алдан Курбуһах оскуолатыгар саҥа үлэлээн эрэр эдэр учуутал Алексей Муксунов уонна кини уһуйааччыта, маастар-толорооччу Василий Тимофеев, Дьокуускайга Айыы Кыһатыгар үлэтин айымньылаахтык саҕалаабыт Иннокентий Борисов уонна кини учуутала, элбэх устудьуону Намнааҕы педагогическай колледжка уһуйа сылдьар маастарбыт Андрей Осипов күөн күрэскэ бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр. Андрей Алексеевич кылыһах-кырыымпаны оҥорооччуларга “Мас уустарын тойуга” күрэх кыайыылааҕа буолан үөрүүтэ үксээтэ. Кини оҥоро сылдьар кэрэ көстүүлээх, сахалыы туойар кыл кылыһахтарыгар Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар элбэх киһи билигин оонньуур. Андрей бэйэтэ Сунтаартан төрүттээх, Намҥа олохсуйбута-үлэлээбитэ 20 тахса сыл буолла. Маастар эрэ буолбакка, кини өссө толорооччу, уһуйааччы. Кинини кытта тэҥҥэ “Нам кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕөр (сал. М.С.Григорьева) айа-тута сылдьар биир идэлээҕэ, биир санаалааҕа Руслан Захаров экспертар сыанабылларынан 3 миэстэҕэ таҕыста. оскуола оҕолорун Хамаҕаттаҕа үөрэтэр, саха төрүт дьарыгар ыччаты сыһыарар. Руслан Афанасьевич “Мас уустарын тойуга” күрэххэ кылыһах кырыымпаны оҥорууну сэргэ, саха ох саатыттан ытыыга эмиэ кыттыыны ылбыта. Күрэх саҥа ааттары арыйда, эдэр дьон бу кэскиллээх дьарыкка ылсыбыта олус бэрт. Ол курдук, Ньурба Мэҥэдьэк нэһилиэгин култууратын киинин уус-уран салайааччыта Манчаары Ксенофонтов экспертар-көрөөччүлэр билиниилэрин ылан 2 миэстэҕэ таҕыста. Дьокуускайга олорор Тааттаттан төрүттээх Иннокентий Борисов «Эдэр кэскиллээх маастар», Амма Алтаныттан маастар Семен Неустроев «Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ» анал ааттары ылан сөпкө үлэлэрин саҕалаабыттарын бигэргэттилэр. Амма Соморсунуттан сылдьар Айаал Белолюбскай уонна Дьокуускайтан Виталий Слепцов инструмент оҥорорго олус таһаарыылаахтык, ураты буочардаахтык дьарыгыран эрэр эбиттэр. Толорооччу да быһыытынан инникилээхтэрэ көһүннэ. “Одун” Дьокуускайдааҕы оҕо эрдэҕэс киинин ансаамбылын уһуйааччыта Ксения Шамаева, бэйэтэ этэринэн “инструмент тиийбэтиттэн” бу дьахтарга боростуойа суох дьыалаҕа ылсыбыт, күрэххэ бастакы хардыыларын көрдөрдө, араас кистэлэҥнэри билбититтэн, көрөн үөрэммититтэн астыммытын биллэрдэ. Маастардар үлэлэрин “Кыл Саха” бөлөх муусукааннара Руслан Габышев, Афанасий Томскай, Дьулустаан Никифоров, Айсен Кысылбаиков, Анна Томская сатабылларын хас хардыытын көрөн, тыаһын бэрэбиэркэлээн, омукпут уратытын көрдөрөр-биэрэр кыл кылыһах тахсарынан сыаналаатылар. Күөн күрэс олус истиҥ сахалыы эйгэҕэ тэрээһиннээхтик буолан ааспытыгар сүрүннээччибитигэр Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар А.Н. Жирковка, “Строительнай” рынок директорыгар И.И. Даниловка өйөөһүннэригэр, бириистэригэр, барыбытын түмпүттэригэр истиҥник махтанабыт.
“Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө 10 сылыгар аналлаах Кылыһах-кырыымпаҕа (кыл кылыһахха) толорооччулар I аһаҕас күрэхтэрин эмиэ кулун тутар ыйга аан бастакытын ыыттыбыт. Манна 50-чэ киһи Сахабыт сирин араас улуустарыттан, куораттарыттан кыттыыны ыллылар. Күөн күрэс кулун тутар 28 күнүгэр ыытылынна. Былаан быһыытынан кыайыылаахтар кэнсиэрдээх тэрээһин С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар буолуохтааҕа, ол эрэн Арассыыйаҕа биллэриллибит траур күннэринэн сибээстээн, кыттааччыларбыт өйдөөн түргэн үлүгэрдик запись ыытаннар күрэхпит үрдүк таһымҥа дистанционно буолан ааста. Оҕолорго 9 биирдиилээн толорооччу, 4 бөлөх кыттыыны ылла. Солистарга: I Лауреат — Дьокуускайтан 10 саастаах Тамила Федорова, II истиэпэннээх Лауреат — Матвеев Юлиан (Амма Сулҕаччыта), III Лауреат — Яковлева Камелия (Маар, Ньурба улууһа) буоллулар. Дипломнарынан Амма Алтаныттан Дьячковская Күннэй, Кэбээйи Сайылыгыттан Гаврильева Анита уонна Иванова Сааскылаана бэлиэтэннилэр. Бөлөҕүнэн толоруу уустуктаах, ол да буоллар олус үөрпүт, инникигэ кэскиллээх Үөһээ Бүлүү оҕо искусствотын оскуолатын уолаттара — «Чөмчүүнэ» бөлөх (сал. А.И.Алексеев) кыахтаахтык кыайдылар уонна “Кыл Саха” анал бирииһин туттулар. Иккис миэстэ Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаһын оркестрын «Айар саас» бөлөҕө (сал. В.И.Григорьева) буолла. Күрэх дипломаннарынан бу категорияҕа Ньурба Маарыттан «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» (сал. С.П. Федорова) уонна “Одун” Дьокуускайдааҕы оҕо эрдэҕэс киинин бөлөҕө (сал. К.А.Шамаева) буоллулар.
Күрэхпитигэр улахан дьоҥҥо икки хайысха оҥорбуппут. Ол курдук, сөбүлээн толорооччулар уонна идэтийбит, ол эбэтэр муусука уонна култуура идэлээхтэр, оскуолаҕа муусука учууталлара, ону таһынан кулууптарга үлэлии сылдьар дьон. Манна соҕотохтуу толорооччуларга холбоон 21 кыл-кылыһахчыт уонна 12 бөлөх бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр. Ханнык түгэннэргэ ыарырхаталлара, толорооччуга кыһалҕа туохха баара көһүннэ. Ол курдук, үксүлэрэ интонацияҕа, ол эбэтэр сөпкө табан оонньуурга ыарырхаталлар. Репертуары кэҥэтиэххэ оруннаах, саха ырыаларын элбэхтик үөрэтэн, урук суруллан хаалбыт записьтары истэн, үтүктэн оонньоотоххо бэйэлээх-бэйэбит норуоппут уратыта тахсан иһиэ. Саллыбакка саҥа сүүрээннэри эмиэ киллэриэххэ сөп. Дьиэрэтии, ол эбэтэр киэҥник-куоҥнук, көҥүллүк толоруу ньыманы, оһуохай араас көрүҥнэрин кылга ыллатыы сатабылы үрдэтэрин өйдөөн болҕомто уурар тоҕоостоох. Инструменнар тупсан иһэллэрэ олус үөрдэр. Үксүлэрэ Руслан Габышев, Андрей Осипов киэннэригэр кылы саҕаллар. Аммалар эдэр уус Семен Неустроев инструменнарын ыллата сылдьаллар. Маастар-толорооччулар Намтан Андрей Осипов уонна Руслан Захаров, Уус-Алдантан Василий Тимофеев, Амматтан Айаал Белолюбскай, Дьокуускайтан Николай Аржаков-Боло Уус уонна Валерий Кучутов, Бүлүүттэн Алексей Никифоров (сиэнэ кыыс оонньоото) кыттыыны ыллылар. Сөбүлээн толорооччуларга Нам Хамаҕаттатыттан маастар-толорооччу Руслан Захаров кыайыына ситистэ уонна Аан бастакы ыытыллыбыт “Кыл Саха” күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕынан буолла. Руслан Афанасьевич күрэс балаһыанньатын тосхолунан үрдүк бааллаах лауреат Кылаан чыпчаал аатын ылан театрбыт анабыл бирииһинэн, кыл-кылыһах көстүүлээх кубогынан бэлиэтэннэ. II-III истиэпэннээх лауреаттар Кэбээйиттэн Ирина Кобякова уонна Амматтан эдэр маастар-толорооччу Айаал Белолюбскай буоллулар. Дипломаннар ааттарын Дьокуускай куораттан кыл-кылыһахчыттар Александр Иванов, маастар-толорооччу Валерий Кучутов, Светлана Игнатьева ыллылар. Бөлөҕүнэн толорууга I истиэпэннээх лауреатынан уруккаттан ситиһиилээхтик, бэриниилээхтик айа-тута сылдьар Тааттаттан Элеонора Маркова кыыһынаан Лиялыын буоллулар уонна “Кыл Саха” анал ааттаах бирииһин туттулар. 2 миэстэҕэ Амма Сулҕаччытыгар дьарыктарын соторутааҕыта саҕалаабыт «Дьиэрэй» бөлөх (сал. Матвеева М.Н.) таҕыста. Сөбүлээн оонньооччуларга дипломаннарынан «Төрүт дорҕоон» (Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһ. Сал. Протопова К.А.), «Төрүт дорҕоон» (Чакыр, Чурапчы улууһа. Сал. Макарова С.Я.), Бүлүү куораттан «Алгыс» (Сал. Евсеева А.П.) буоллулар. “Идэтийбит” хайысхаҕа бэйэлэрин эйгэлэригэр ааттаах-суоллах дьоммут кытыннылар, кыайыыны ситистилэр. Ол курдук, соҕотоҕун толорууга Василий Неустроев I истиэпэннээх лауреат буолан “Кыл Саха” олохтообут бирииһинэн наҕараадаланна. Василий Алексеевич бу сайын Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар сүүс кыл-кылыһахчыттары (кырыымпаһыттары) оонньоторго бэлэмнии, төрүт дорҕооҥҥо сүдү үлэни оҥоро сылдьар. Хас нэһилиэк аайы оонньуур дьон, маастардар баар буолан иһэллэриттэн сүгүрүйэ киэн туттабыт. Иккис миэстэ Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын учуутала Валерий Кириллин буолла. III истиэпэннээх лауреат аатын Үөһээ Бүлүү муусукаана Сергей Иванов ылла. Дипломаннарынан Дьокуускайтан Анна Захарова, Томпо улууһун Мэҥэ-Алдан нэһилиэгиттэн Мария Максимова, Чурапчы Чакырыттан Сардаана Макарова буоллулар. Бөлөхтөргө кыайыыны «Нам кылыһах» (сал. Григорьева М.С.) ситистэ, онтон иккис миэстэни Амматтан «Кыл кылыһах» (сал. Неустроев В.А.) ылла. Бу республикаҕа биллэр, араас тэрээһиннэргэ кыттар, бэйэлэрэ ураты репертуардаах, суоллаах-иистээх, бэриниилээхтик үлэлии сылдьар бөлөхтөр буолаллар. Үһүс миэстэҕэ Дьокуускайдааҕы муусука колледжын студеннарын “Арчы” бөлөҕө (сал. Семенов А.Н., Томская А.И.). Кинилэртэн биир баллынан хаалан Сунтаар Туойдааҕыттан “Кый Дайар” бөлөх күрэх I истиэпэннээх дипломана буолла. Дьокуускайдааҕы Култуура уонна искусство колледжын студеннарын «Кын кыырай» бөлөҕө – II, Мэҥэ-Хаҥалас Майатыттан “Дьиэрэй” учууталлар бөлөхтөрө III истиэпэннээх дипломнары ыллылар.
“Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө 10 сылыгар аналлаах Кылыһах-кырыымпаҕа (кыл кылыһахха) толорооччулар I аһаҕас күрэҕин дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээбит, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын саха оркестрын салайааччыта уонна сүрүн дирижера Николай Петров бэйэтин санаатын маннык эттэ: “Уон сыл иһигэр республикаҕа элбэх үлэ барда. Манна сүрүннээччи Руслан Габышев тус бэйэтин өҥөтө улахан, ол кэннэ “Кыл Саха” араас хайысханан үлэтэ. Мин үөрэрим, оскуола оҕолоро оонньуур буолбуттарыттан. Инникитин орто оскуолаларга факультатив курдук киирэрэ буоллар өссө ордук буолуо этэ. Саҕаланна да бара туруоҕа. Бу күрэҕи өссө ситэрэн, сыллата оҥорон иһиэххэ. Репертуар кэҥииригэр, инструмент сайдарыгар биһиги композитордарбыт анаан айан суруйалларын күүтэбит, оччоҕо саха оркестрын партитурата кэҥээн, уларыйан иһиэ этэ”. 60-с сыллартан Өрөспүүбүлүкэҕэ саха инструменнарын сайдарыгар үлэлэспит, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука колледжын учуутала, Анастасия Васильевна Каженкина дьүүллүүр сүбэҕэ киирэн күрэҕи астына иһиттэ: “Кыл кылыһахха толоруу бу күрэх кэннэ өссө киэҥник тарҕаныа. Саха норуота наһаа сөбүлүүрүн көрө-истэ, билэ сылдьабын. Биһиги урук оркестровай инструменнары буларга таҥсырга, кылыһахха (сахалыы балалайкаҕа) болҕомтобутун уурбуппут. Бу сылларга наһаа улахан хамсааһын тахсыбытыттан, “Кыл Саха” үлэҕититтэн уһуйааччыгыт буоларбынан киэн туттабын. Билигин сайдыыны муусука оскуолаларыгар (фольклор салааларыгар), баҕалаах оҕолорго “родственные инструменты” дисциплинаҕа бу сахалыы инструменнары күүстээхтик киллэрэргэ көрөбүн”. Кыл- кылыһахчыттартан биир бастакы саҕалааччы, “Кыл Саха” бөлөх муусукаана, Олоҥхо тыйаатырын муусука салаатын сэбиэдиссэйэ Вероника Лыткина толорооччулары астына иһиттэ, сыаналаата “Бу олох аҕыйах сыллааҕыта кыл кылыһахха толорооччу Руслан Габышев соҕотох этэ буоллаҕына, биһиги эбиллэн бастаан төрдүө, онтон тохсуо буолбуппут. Курстары ыытан саҕалаабыппыт. Билигин үөрэппит уһуйуллааччыларбыт бэйэлэрин дойдуларыгар дьону үөрэтэн, бөлөхтөрү тэрийэн айа-тута сылдьалларыттан дуоһуйабын. Маастардар элбээн, кыл дорҕооно арааһа кэҥээбит, инструменнарбыт тупсан иһэллэр. Кыл саҕар төрүт дорҕооммут аан дойдуга, Арассыыйа араас куораттарыгар иһиллэр, улахан биһирэбили ылар”. Дьүүллүүр сүбэҕэ эдэр саха композитора, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука колледжын преподавателэ Сардаана Заровняева тэҥҥэ үлэлэстэ: “Бастакыбын кыл кылыһах күрэҕэр олороммун, истэммин астынным. Толорооччулар, маастардар элбэхтэрин көрөммүн олус үөрдүм. Куйаар ситимнэригэр үлэ барарын көрөөччүм, араас улуустарга маастар кылаас бөҕө ыытаҕыт. Кыра оҕотуттан ытык кырдьаҕастарга тиийэ умсугуйан, төрүт дорҕоону сөбүлээн дьарыктаналлар эбит. Кыл струнаалаах кылыһах-кырыымпа инникилээх инструмент буолара көстөр”.
Мин бэйэм, бу күрэхтэри салайан ыыппыт киһи буоларбынан, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэбинэн, бүгүҥҥү туругунан үлэбит хайысхата сөптөөҕүнэн, кылыһах-кырыымпа сайдарыгар үлэлиир концепциябытыттан халбарыйбакка былаан быһыытынан баран иһэрбититтэн үөрэбин. 2014 сылтан “Кыл Саха” тохсуо буоламмыт сценаҕа эрэ тахсан толорооччу-артыыс эрэ буолбакка, тарҕатыы-тэнитии өттүгэр күүскэ үлэлиибит. Вероника Лыткиналыын нуотаны билбэт дьоҥҥо диэн ураты методиканы айан үлэбитин саҕалаабыппыт, ол систиэмэнэн элбэх киһи уһуйуллан, онон үөрэтэн дорҕооммут тарҕанан иһэр. Бэйэбит тула, төрүт дорҕоон сайдарыгар биир санаанан үлэлиир дьону түмэн билигин Сахабыт сиригэр киэҥ хардыы, хамсааһын буолбутуттан дьоллоохпун.
Ааптар: Анна Томская, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа.