Улуу Кыайыы 75 сылыгар, Россияҕа Албан Аат, Саха сиригэр Патриотизм, Нам улууһугар Ытык өйдөбүл уонна көлүөнэни утумнааһын сылларыгар анаммыт “Кыайыы сырдык дьаралыга биһигини кууспута” диэн дьаһал ыытыллар. Олохтоох дьаһалталар бүтүннүү олус көхтөөхтүк кытталлар.
Хамаҕатта нэһилиэгэр уус-уран “Поклонимся тем Великим годам!” фестиваль-кэнсиэр буолан ааста. Бу күн “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр Улуу сэриигэ кыттыбыт, үлэлээбит нэһилиэкпит чулуу дьонун историятын кэпсиир быыстапка турда.
“Айхал эйиэхэ, кыргыһа барааччы норуот уола!” диэн ааттаах фестиваль-кэнсиэр маҥнайгы чааһыгар, саха саллаата сэриигэ барбыта, хайдах дьылҕаламмыта, саха норуота уонна итэҕэлэ ырылхайдык көрдөрүлүннэ. Ол курдук, бухатыыр, эмээхсин, оҕонньор, хас да саха кыыһын, саллаатын оонньообут дьон сыанаҕа эппиттэрэ-тыыммыттара, кэпсээбиттэрэ көрөөччүнү итэҕэттэ.
Үһүс көлүөнэ дьоно “Күбэй” уонна “Айыы хотуттар” түмсүүлэрэ “Сахам сылаас үтүлүгэ” сахалыы үҥкүү ис хоһоонун дьоҥҥо-сэргэҕэ олус үчүгэйдик тириэртилэр. Ону тэҥэ, Хамаҕатта нэһилиэгин хорун толоруутугар “Хайыһар”, “Ким да, туох да умнуллубат” ырыалар толорулуннулар. Салгыы, хорсуннук сэриигэ кыттыыны ылбыт, суох буолбут буойуттар оҕолоро, сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ кинилэр сырыыларын кэпсээн сырдаттылар.
Фестиваль иккис чааһыгар, “Памяти наших отцов” нууччалыы тылынан барда. Дойдуга маҥнай сэрии буола илик олоҕо, онтон ыар сурах биллэриллэн, эр дьон сэриигэ айанныырын хартыыната уонна эйэлээх олох салгыы хайдах салҕаммытын кэрэһэлиир олох көһүннүлэр. Нүөмэр ахсын хамаҕатталар биир киһи хаамыытынан массовка буолан киириилэрэ-тахсыылара ураты буолла. “Кыра оруол диэн суох, оруолу сыппахтык тиэрдээччи баар” диэн өйдөбүл бигэргэниэн бигэргэннэ.
“Фестивалга бэлэмнэнии үлэтэ икки ый кэриҥэ кэм инниттэн саҕаланан, үгүс үлэ оҥоһулунна, ыытылынна. Бэйэм идэлээх үлэбэр, киэргэтии өттүгэр эппиэтинэстээх киһи буоларым быһыытынан, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ туох баар күүспүн, дьоҕурбун барытын таһааран оҥордум. Быйылгы уларыйыыга, кэнсиэр буолуон инниттэн биллэрэ, элбэх киһи киирэрэ-тахсара, ол иһин эбии сыана оҥоттордубут. Бэлиэтээн эттэххэ, эбии сыана оҥоһулларыгар Александр Ядрихинскай уонна Павел Макаров сыраларын ууран көмөлөспүттэрэ көмөлөстө. “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин биир ураты көрүҥэ буолар, элбэх саҥалыы араас технологиялары туһаммакка, сыана кэннигэр барыта дьон хамсаныытынан барда. Онон дьоммут эттэринэн-хааннарынан биллилэр.
Нэһилиэнньэ уопсайынан фестивалга күүскэ турунна. Холобура, киэргэтэн оҥоро сылдьар кэммитигэр олохтоохтор хас биирдии киэргэтии кыра чааһыгар тиийэ кыһалланнар, туохха эмэ күүс-көмө буолбут киһи диэбиттэрэ элбэҕи этэр.
Быйыл быыстапкаҕа улахан болҕомто уурулунна диэн бэлиэтиибин. Ол курдук урут-уруккуттан баҕа санаабытын дьэ таһаардыбыт. Сүүстэн тахса Хамаҕатта нэһилиэгин ветеранын хаартыскатын үөһээ истиэнэҕэ иилэн дьон болҕомтотугар таһаардыбыт. Хас биирдии ветеран хаартыскатын оҥоро, көрө олороммун, эдэр саастарыгар сылдьан сэриигэ аттаммыттарын харахпар ойуулаан көрөммүн, уйадыйан ылар түгэннэрим да тахсыталаабыттара”, – диэн кэпсиир киэргэтэн оҥорооччу Татьяна Уодай.
Быыстапка үлэтигэр Хамаҕатта туһунан тахсыахтаах кинигэҕэ үлэлэһэ сылдьар аҕа саастаах дьон улахан көмөнү оҥорбуттарын уонна кинилэр сүбэлэрэ-амалара төһүү күүс буолбутун махтанан этэллэр үлэһиттэр.
“Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт фестивалга түөрт нүөмэри бэлэмнээн кытыннардым. Фестивалы уопсайынан ылан көрдөххө, ирдэбилинэн соло, дуэт, хор, эр дьон, дьахтар ансаамбыллара бааллара. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги нэһилиэкпитигэр “Ретро-Данс” норуот үҥкүү ансаамбыла үлэлиирэ олус көмөлөстө. Ону тэҥэ, кииммит иһинэн баар түмсүүлэрбит күүс-көмө буоллулар. Холобура, Петр Калачев салайааччылаах хомусчуттар бөлөхтөрө хаһааҥҥытааҕар да уратытык, атыннык оонньоотулар. Санаттахха, инники сылларга Хамаҕаттаҕа хомусчуттар бөлөхтөрө төрүкү суох этэ диэхпин баҕарабын. Ону таһынан, Матрена Канаева салайааччылаах “Сэргээ” чабырҕахсыттара кыттыыны ыланнар, сайдан иһэллэрин өссө бүк көрдөрдүлэр. “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир фольклор көрүҥэр уһуйуллар кыргыттар сыанаҕа тахсаннар ырыаларын санаа хоту табыллыылаахтык толордулар. Туохтааҕар да үчүгэйэ уонна киһи астынара, кыттааччылар кыһаллан туран бэлэмнэммиттэрэ”, – диэн фольклор салаатыгар специалист Оксана Кудрина бэйэтин санаатын үллэстэр.
Бүтүн кэнсиэр оҥоһуллан тахсарыгар, бастатан туран, сценарий суруллар. Сүбэ мунньах кэмигэр араас кэпсэтиилэр тахсаллар, салайааччыга хас биирдии үлэһит санаатын хото этэр. Дьиҥ салайааччы үлэһиттэрин тылларын, санааларын истэн, билэн баран түмүк быһаарыныы ылынар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Тахсыахтаах көстүүнү барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ хараххар ойуулаан көрүөххэ наадатын умнар табыллыбатын үлэһиттэр этэллэр.
“Фестивалга кыттыбытым олох ыраатта, быйылгы фестиваль таһыма үчүгэй, өрө күүрүүлээхтик ааста. Баҕа санаабыт туолбут курдук. Инникитин да кыттыахпыт, эдэр ыччаты, тахсан эрэр оҕолору үөрэтиэхпит, кытыннарыахпыт турдаҕа”, – диир эрэллээх кыттааччы Руслан Захаров.
Түмүккэ, дьон-сэргэ туран эрэ махтаммыта, ытыс таһыммыта хас биирдии култуура үлэһитигэр астык, ол аата кини үлэтэ табыллыбыт, ситиһиллибит диэн буолар. Онон хамаҕатталар Улуу Кыайыы 75 сылыгар өссө бүк түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Антонина ХАРИТОНОВА, “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ, режиссер:
— Улуустааҕы фестиваль Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт буолан элбэх киһи үөрүүтүнэн-көтүүтүнэн этэҥҥэ буолан ааста. Санатан эттэххэ, ааспыт фестивалы улуу политическэй деятелларбытыгар анаабыт буоллахпытына, быйыл Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананна. Ол курдук бүтүн Россия үрдүнэн, наһаа элбэх эдэр эрчимнээх, чулуу дьоммут үгүс хаан тохтуулаах сэриигэ бараннар, аҥаардара, ону ааһан, кыра аҥаардара дьиэлэригэр эргиллэн кэлиилэрэ нэһилиэнньэҕэ улахан охсуу. Этэргэ дылы, Улуу Кыайыы сыла төһөнөн ыраатар даҕаны, суолтата дьон сүрэҕэр өссө дириҥээн иһэр, киһи этинэн-хаанынан билэр эбит диэн түмүккэ кэллим. Ол курдук бу фестивальга кыттыыны ылбыт хас биирдии киһи наһаа кыһалынна, өбүгэлэрин санаан дьону биир тыыннаах, санаалаах оҥордо. Туруоруммут сыалбытын ситтибит дии саныыбыт, ол эрээри кыра итэҕэстэр син-биир бааллар. Оттон нэһилиэкпит кыра оҕолоруттан аҕа саастаах дьоммутугар тиийэ кыттыыларын, сүүс быраһыан күүстэрин уурдулар диэн сыана быһабын. Аҥаардас, үйэ тухары умуллубат уокка турбут саллааттарбыт дьиппиэрэн турбуттарын испэр хайҕыы көрбүтүм.
Бу аҕыйах хонук хаалбытын кэнниттэн бэлэмнэнии диэн ааттаммат. Хас биирдии нүөмэрдэри түмсүүлэр, куруһуокка сылдьар дьоммут сылы быһа чочуйан таһаараллар. Ол кэнниттэн нүөмэрдэри, үлэлэри көрдөрөргө, кэнсиэргэ биир сценарийга, биир тыыҥҥа киллэрэргэ, бу биһигиттэн, анал үлэһиттэртэн улахан тутулуктаах. Холобура, сценарий сурулларыгар даҕаны, араас хамсаныылар киириилэригэр даҕаны “Ретро-Данс” үҥкүү бөлөх салайааччыта Любовь Андросова бэйэтин улахан кылаатын киллэрдэ. Онтон хорга кыттыыны ылбыт үгүс дьону бииргэ түмэр чэпчэки үлэ буолбатах, манна үлэлэспит уус-уран салайааччы Татьяна Гаврильева кыайа-хото тутта диэн киэҥ туттабын, оттон араас жанрдарга үлэлэһэр специалист Надежда Макарова эр дьон ансаамбылын биир сүбэҕэ киллэрбитэ эмиэ туспа ураты, улахан кыайыы буолар. Дьону бииргэ түмэ тардарга туспа талаан наадата ирдэнэр. Онтон бүтүн Хамаҕатта хорун тус бэйэтинэн бэлэмнээн, көннөрөн уонна дирижердаан таһаарбыт оскуолаҕа муусука уруогар үөрэтэр эдэр учууталбытын, бэйэбит кыыспытын Екатерина Заболоцкаяны умнар табыллыбат.
Ааспыт фестивалларга 150 киһи кэриҥэ кыттыыны ылар эбит буоллаҕына, быйылгыга нэһилиэкпититтэн уопсай хамсааһыҥҥа (быыстапкаҕа, таҥас-сап өттүгэр) барыта 265 киһи бэйэтин күүһүн уурда, оттон сыанаҕа 235 киһи, сэттэ тэрилтэ, “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин иһинэн тиһигин быспакка үлэлиир түмсүүлэр кыттыыны ыллылар. Норуот айымньытын киинин биир сыала-соруга буолар, элбэх киһини хамсатан, кыттыыны ыларын ситиһии, оччоҕо тэрээһин үрдүк таһымнаах буолар, кыттааччы дьон бэйэтэ да үөрэр-көтөр, дьиэ кэргэнэ киэҥ туттар, онон барыта ситимнээх, “кырдьык даҕаны бу Кыайыы суолтата үрдүк эбит” диэн нэһилиэнньэҕэ өйдөбүл үөскүөхтээх, үөскүүр.
Өр сыллар устата үлэлээбит дьон буоламмыт, кыттыахтаах дьоннорбут саҥаларыттан, сирэйдэриттэн-харахтарыттан, дьүһүннэриттэн-бодолоруттан, туттууларыттан-хаптыыларыттан майгыларын тута билэн, ханнык оруолларга барсалларын, барсыбаттарын тута быһаарабыт. Үчүгэй хартыына оҥоһуллан тахсарыгар хас биирдии хамсаныыттан, чаастан улахан тутулуктаах.
Литературнай көстүүгэ аҕыс киһим киһи үөрэппитин, эппитин сыыска-буорга түһэрбэккэ, дьоҥҥо тириэрдэн этэҥҥэ таҕыстылар диибин. Оттон реквием хоһооннору аахпыт алта киһи бэйэтэ айымньыларыгар туттар дьүһүннүүн уларыйан аахпыта долгутуулаах этэ, мин тус санаам инник.
Нэһилиэкпит баһылыга куруутун маныаха сыһыаннаах тэрээһиҥҥэ кыттар. Иван Николаевич үлэтинэн-хамнаһынан эрэ буолбакка тылынан-өһүнэн, кыттыытынан биһиги эйгэбитигэр улахан көмө, өйөбүл буолар. Ол курдук лиидэр киһи инники күөҥҥэ сылдьар буолла даҕаны, кининин батыһан тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэрэ кэлэллэр. Ону таһынан, икки оскуола өттүттэн көмө ууруллубута хайҕабыллаах. Хас биирдии кыттааччыбытыгар, биһиги үлэбитигэр күүс-көмө буолар бар дьоммутугар, көрөөччүлэрбитигэр барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Киһи ааспыт тэрээһини аһаҕастык ырытыахтаах, сыыһаларын билиниэхтээх, оччоҕо эрэ салгыы көннөрүнүө, сайдыа.
Онтон быыстапканы ылан көрдөххө, нэһилиэк иһинээҕи историяны хасыһан, дьон-сэргэ, улаатан эрэр эдэр көлүөнэ уруккуну хайаан да билиэхтээх-көрүөхтээх, өйдөбүнньүк буолуохтаах диэн сыалтан туруорулунна. Быыстапкаҕа сэрии сылларыгар анаммыт кинигэ түмүллэн тахсыыта улахан болҕомтону ылла. Ол курдук турбут истиэндэҕэ Хамаҕатта хас биирдии сэрии ветерана мэтээл, уордьан ылбыта, чопчу ханнык кыргыһыыларга киирсибитэ барыта баара, көстөрө. Быыстапканы тэрийэргэ Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов салайааччылаах комиссия тэриллэн олус таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэ дии саныыбыт.
Екатерина САХАРОВСКАЯ, көрөөччү:
— Мин Хамаҕаттаҕа кийииппин. Атын нэһилиэктэри кытта тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, Хамаҕаттаҕа буолбут фестиваль олус уратылаахтык ааста. Нэһилиэк хайдах курдук түмсүүлээҕин манна биллим, көрдүм. Олохтоохтор нэһилиэктэрин туһугар кыһаллан, биир киһи курдук тыыннанан кыттыбыттарын саҥардыы көрөн соһуйдум, үөрдүм, хайҕаатым. Ол курдук кэнсиэр өрө күүрүүлээхтик, ураты эйгэлээхтик, бэрээдэктээхтик ааста. Мантан дууһалыын сынньанан таҕыстым. Чуолаан эттэххэ, Евгения Корчанова уонна Алексей Дьячковский бэлэмнээн таһаарбыт “Смуглянка” диэн оскуола оҕолоро толорбут үҥкүүлэрин олус сөбүлээтим. Эрдэ куруук нууччалыы кэнсиэри көрөр эбит буоллахпына, сахалыы кэнсиэр туспа ураты тыыннаах буолар эбит.