22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыайыы-75: Гурий Макаров буорах сыттаах суруктара көһүннүлэр

14:03, 01 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаһан да көрбөтөх абаҕам Макаров Гурий Саввич кылгас кэмнээх олоҕун туһунан киниэхэ суруллубут суруктарынан сирдэтэн ахтыы суруйарга сананным. 75 сыл устата төрөөбүт дойдутугар Чкаловка былыргы дьоммут ампаардарыгар эргэ сундуукка кистэнэ сыппыт суруктарын быйыл кыһын саҥа дьылга тиийэ сырыттахпына улахан эдьиийбит Макарова Агафья Егоровна булан киллэрэн, көрдөрөн, соһутта.


Арай былыргы паапканы арыйбытым, сүүстэн тахса илиистээх араас дойдуттан, дьонтон суруллубут былыргы саһаран хаалбыт, буорах сыттаах, буочардара нэһиилэ ааҕыллар саллааттар суруктара эбит. Ону көрөн бастаан соһуйдум да, үөрдүм да, хомойдум да диэххэ сөп. “Тоҕо аҕабыт (Макаров Егор Саввич), эдьиийбит (Романова Дарья Саввична) тыыннаах эрдэхтэринэ көрдөрбөтөххүтүй?” – диэн эдьиийбин мөҕүттэн ыллым. Дьоммут тыыннаах эрдэхтэринэ абаҕабыт туһунан кэпсииллэрин олох өйдөөбөппүн, баҕар оҕо сырыттахпытына кэпсээбиттэрин өйдөөбөккө хаалбыппыт буолуо.

Эбэбит Макарова Агафья Ивановна бастакы оҕотун — абаҕабытын Гурийы 1920 сыллаахха төрөппүт. Чкалов аатынан колхоз 1942 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр №152 справкаҕа секретарь И.Ефремов суруйбут “Рядовой Макаров Гурий Саввич Покровскайга лесхозка старшай лесовозчигынан үлэлии сылдьан 1942 сыл олунньу ыйга армияҕа барбыта. Билигин ийэтэ Макарова А.И. колхозтаах. Колхоз производстватыгар сааһа кырдьаҕаһынан уонна ыарыһаҕынан кыайан үлэлээбэт. Сааһа – 1884 сыллаахха төрөөбүт. Кини иитимньитигэр Макаров Егор Саввич диэн 16 саастаах оҕолоох, школаҕа үөрэнэр”.

Суруктартан ааҕан билбиппит — абаҕабыт Макаров Гурий Саввич армияза ыҥырыллан тиийэн 6 ый уоттаах сэриигэ сылдьыбыт, онтон улаханнык бааһыран госпитальга эмтэммит, салгыы Саратовскай уобаласка Балашов диэн куоракка баар М.В. Фрунзе аатынан военнай танковай училищеҕа үөрэммит — “288 пп 4 танковый учебный полк 3 батальон 1 рота 4 взвод”. Эдьиийбит Дария Саввична уола Валерий Михайлович Романов кэпсииринэн  абаҕабыт “кыра уҥуохтаах, сытыы – хотуу, бэйэтин олус кыанар, сүүрүүннэн эрэ сылдьар киһи этэ диэн ийэм ахтара. Сэриигэ таанкаҕа умайан, улаханнык бааһыран, 1944 сыллаахха сайын дойдутугар төннөн кэлэн Покровскайга райкомолга секретарынан үлэлээбит, 1946 сыллаахха сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн, доруобуйата мөлтөөн, күн сириттэн суох буолбут, Тумулга көмүс уҥуоҕа хараллан сытар”. Биир архив докуменын интернеттан Тиит – Арыы библиотекаря Елена Архипова булан ыытта, онно ыйылларынан абаҕабыт ВЛКСМ чилиэнэ эбит, Покровскайга лесхозка үлэлии сылдьыбыта ыйыллыбыт. Итинтэн атын кини олоҕун сырдатар биир да докумуон булбатыбыт, онон абаҕабыт Макаров Гурий Саввич кылгас чаҕылхай олоҕун туһунан киниэхэ аадырыстанан кэлбит саһарбыт суруктар эрэ кэпсииллэр.

Ийэтэ барахсан кичэйэн кэриэстээн, харыстаан уура сылдьыбыт уолун суруктарын аахтахха, абаҕабыт Гурий олус да элбэх доҕоттордоох, нууччалыы – сахалыы ыраастык саҥарар – суруйар, үөрэхтээх, элбэҕи билэр, улаханнык убаастанар киһи эбит. Коняхин Алексей Дмитриевич диэн училищеҕа бииргэ үөрэммит нуучча табаарыһа Гурийга, сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн дойдутугар төннүбүтүн кэннэ, ый ахсын сурук суруйар эбит. Суруктарыгар доруобуйата хайдаҕын, хайдах ыраах төрөөбүт дойдутугар айаннаан тиийбитин ыйытар, эйигин училище испииһэгиттэн таһаара иликтэр, онон иккистээн армияза ыллахтарына төптөрү үөрэммит училищеҕар көрдөһөн кэлээр диэн сүбэлиир эбит, кини суруктарыттан быһа тардан бэчээттээтим – “Привет от ваших товарищей Уханова, Смирнова, Ворончихина. Желаем тебе благополучно доехать домой и с приездом получить письмо. Сообщай, как доехал домой. Как было в дороге, как дома жизнь и какого ваше здоровье?”, “Я хочу вам посоветовать, что если возьмут в армию вас, то старайтесь опять попасть в наше училище”, “Мы занимаемся уже 3 месяц. Из части получил письмо, пишут, что ребята, которые живые все награждены по несколько орденов. Вас и сейчас в роте на вечерней проверке выкликали. Я говорю, что Макаров уже давно дома”, «Ваши ребята, товарищи все живы, здоровы и передают вам привет: Митя, Коля и Витя… На каждой вечерней проверке выкликивают вас, сейчас до сих пор вы числитесь в ротных списках, считают вас курсантом нашей роты». Онтон Алексей Коняхин 02.12.1944с. Гурий табаарыстарыгар сурук суруйбут – “Здравствуйте дорогие товарищи, Яковлев Егор Алексеевич, Сафронова Елена Федоровна, Прокопьева Анастасия Гурьевна! Письмо, как известно от друга, Макарова Гурия Саввича. Во первых строках своего письма разрешите вас поблагодарить за ваше письмо, которую вы написали мне… Я конечно вас не знаю также, как и вы меня, ну я прекрасно знаю Гурия Саввича, с которым я был около 6 месяцев вместе на фронте, а также в тылу и вместе нас послали учиться в танковое училище. В связи с тем, что Гурий заболел и уехал домой, я как хороший товарищ не теряю с ним связь. Еще остается немного учиться и потом снова уедем на фронт громить немцев на их территории. На этом писать заканчиваю, привет вам! Передайте привет Гурию от Вячеслава и Мити” – бу суруктан абаҕабыт Гурий 6 ый уоттаах сэриигэ сылдьыбытын билбиппит. “… из части я письма не получаю, но наши ребята Митя и другие получают, им пишут, что ребят наших, которые с нами были почти всех убили, так что писать письма в часть некому. Вы сами знаете какие были бои за это прошедшее время, да если бы мы были, то наверно и нас не было, ну ничего скоро еще раз поедем громить немцев на их территории. Теперь уже наверно не жалея их домов и громить их так, как они разоряли наших мирных жителей. Гурий, я часто вспоминаю тебя, особенно те дни, когда мы были на фронте, слушали немецкую артиллерию и немецкую авиацию. Теперь вы да и я не слышим немецкого гада. Но скоро еще раз поеду бить немцев”. Бүтэһик суругун Алексей Коняхин 06.01.1945 сыллаахха суруйбутун абаҕабыт Гурий 19.10.1945 сыллаахха туппут, онтон ыла бойобуой доҕоруттан сурук кэлбэтэх, арааһа сэриигэ тиийэн өлбүт быһыылаах.

Челябинскай уобаластан Чебаркуль диэн сиргэ баар военнай чаастан чугас доҕоро Нөмүгүттэн төрүттээх Николай Васильевич Кельциев (1917-2003) мэлдьи сурук суруйар эбит, ону туоһулуур 10 тахса сурук баар: “Бүгүн 27.07.1944 с. киэһээ 7 ч. эн илиигинэн суруллубут суругу тутан олус диэн үөрдүм. Көрбүтүм саҕа санаатым. Мин эйигин сүтэрэн кэбиспитим. Хаста да эн бырааккар, ийэҕэр эн тускунан суруйбутум биллибэт этэ уонна бу сурук туттум. Эн буочаргын ыраахтан көрөөт биллим…”, “Улаханнык ытыктыыр уонна убаастыыр табаарыһым Гурий Урал хайаттан привет! Эн 13.11.1944 с. суруйбут суруккун бүгүн туттум, олустук үөрдүм, хас күн аайы кэриэтэ күүтэр этим, эн тускунан истиэхпин олус баҕарарым, бүгүн сурук тутан олус санаам туолла, настроениям олус көтөҕүлүннэ. Манна Уралга ахсынньыга 1944 с. кэлбитим, бу иннигэр Забайкал кэтэҕэр Читаҕа, Улан-Удэҕэ, Монгол границатын таһыгар, Керчинскай куораттарга сырыттым. Кэлиэхпиттэн ыла куруутун командирынан сырыттым, билигин манна маршевой ротаҕа взвод командирын көмөлөһөөччүтүнэн автоматнай взводка баарбын”, “Мин бүгүн суббота киэһээ бырааппыттан Василий Николаевичтан сурук туттум. Кини ыалдьан больницаҕа сытар эбит, эйигин кытта бииргэ, онон эн тускунан суруйар. Мин эйигиттэн күн да аайы кэриэтэ сурук күүтэбин да тута иликпин, биирдэ ылбытым уонна суох, эн миигиттэн тутарыҥ дуу, суоҕа дуу? Мин туой Тиит — Арыыга адрестаан ыытабын, больницаҕа сытаргын билбэт этим. Манна мин кэннэ саха суох, олох көрсүтэлээбэтэх табаарыстар элбэхтэр, эн курдук таптыыр табаарыһы көрсө иликпин. Араас омугу элбэҕи көрүстүм да суох. Эн доруобуйаҥ тупсарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын, күүт мин хаһан эмэ эргиллиэм сэрии кэнниттэн”, “Эн доруобуйаҕын тупсар, суруйар буол, мин эргиллиэм. Привет эн ийэҕэр уонна Пашаҕа.” – бу суруктар баалларын туһунан 20 сыл эрдэ билбитим буоллар, Николай Васильевичтан абаҕам туһунан сураһан билиэм хаалбыт.

Быраатын курдук күндүтүк саныыр киһитэ Тумултан төрүттээх Львов Дмитрий Архипович (1922-1991) абаҕабытыгар 25470Б-дээх полевой почтаттан  кылгас да буоллар истиҥ – иһирэх суруктары ыытар эбит: “Ахтар – саныыр убайым, эбэтэр саамай ытыктабыллаах табаарыһым Гурий дорообо! Аан бастаан мин сурукпун тутуоҥ иннинэ ыраах фронтан Латвийскай кыраайтан привет ыытабын. Мин, 22.10.1944с. суруйбут суруккун 2.12.1944с. туттум. Хайа күн арахсыахпытыттан ыла, мин эйигиттэн аан маҥнайгы суругу туттум. Мин доруобуйам олус үчүгэй. Бу күннэргэ, почти ый кэриҥэ санчааска сыттым. Ноябрь ый 9 күнүгэр сарсыарда 6 чааска хаҥас атахпар баас ылбытым. Ол бааһым үтүөрэн 30.11.1944с. бэйэм чааспар кэллим”, «Гурий, мантан ордук бэйэҥ да билэҕин солдатка сонун суоҕун. Онон хоргутума аҕыйаҕы суруйар диэн. Суруйуох этим да, барыта рамка тас өттүнэн барарга дылы. Суол ортотугар цензура олорорун бэйэҥ эмиэ олус бэркэ билэҕин. Мин эһиги өттүгүтүттэн суругу тэһийимтиэтэ суох күүтэбин». “Мин доруобай, олус үчүгэй сылдьабын. Фроҥҥа уларыйыы элбэх. Хас минута аайы иннибит диэки тохтоло суох кимэбит. Мин сонунум манан бүтэр. Үгүһү суруйарга сатала суоҕун бэйэҥ билэҕин. Этэҥҥэ көрсөр күннээх буоллахпытына ааспыт быһыылары майгылары (фронт олоҕуттан) үчүгэйдик ырытан кэпсэтиэхпит…”, “Билигин заместитель командира дивизиона буолан сылдьабын, урут хайа күн армияҕа ылыллыахпыттан ыла разведкаҕа сылдьыбытым. Разведка билиҥҥи үлэҕэ тэҥнээтэххэ олус сылаалаах уонна төбөҕүн уура сыһар мүнүүтэлэриҥ чаастатык кэлэн ааһаллар этэ. Мин разведкаҕа сылдьан икки төгүл награда ылбытым. Аан бастаан медаль «За отвагу», ол кэнниттэн орден «Красная звезда»”.

Бу суруктары ааҕа олорон, хас биирдии саллаат тыыннаах куолаһын истибит курдук буоллум. Ол курдук, чугас доҕорун Дмитрий Львов бииргэ төрөөбүт быраата Львов Егор Архипович суруктара элбэҕи да кэпсииллэр: “Городтан эдьиийдэрбиттэн, аҕабыттан, Зояттан сурук тутабын, онтон төрөөбүт сыһыыбыттан сурук туппатаҕым 8-9 ый буолла. Гурий, төрөөбүт сыһыым үүнүүтэ хайдах этэй сайын? Колхозтарга үллэһик хайдаҕый?”, “…сорох дьону умнан да кээстим, 7 сыл буолла дойдубуттан арахсыбытым. Оо, хаарыаны, сайын Аана хонуутун устун урукку табаарыстарбын көрсөн күүлэйдиир кэм кэлэрэ буоллар, иккис төрөөбүт курдук саныа этим. Кырдьыгын санаабын эттэхпинэ, дойдуга этэҥҥэ төҥнөр эбит буоллахха урут төрөөбүт дьиэм оннугар дьиэ туттан, кэргэн ылан, аал уот буруотун таһаарыаҕым”, “Гурий, Гоша миэхэ мэлдьи суруйар, мин да киниэхэ хас суругун ахсын эппиэттиибин. Гоша карточката миэхэ баар. Мэлдьи уҥа сиэппэр укта сылдьабын. Гурий, мин эһигини бииргэ төрөөбүт убайдаах быраатым курдук саныыбын… Василий уол баар дуо? Тугу үлэлээхтиирий? Кинини мин отой умнубаппын, мэлдьи саныыбын. Хаһан этэй? Хайа сыл, хайа күн биһиги Аана хонуутугар араас сибэккиннэн симэммит кырдалыгар араас оонньуулары оонньуурбут? Да, күндү убайым, аны ол курдук олорон оонньуур кэм ааста. Билигин оонньуурбут биллибэт… Эн суруккун күүтэн хааллым эн бииргэ үөскээбит табаарыһыҥ Гоша Львов”. Ити курдук ыраах дойдуларыттан тэйэн сылдьар саллааттар барахсаттар төһө да сэрии толоонугар сырытталлар, чугас дьоннорун, табаарыстарын умнубакка мэлдьи ахтылҕаннаах суруктарын ыыта турбуттар. Кэлин биһиги аҕабыт Макаров Егор Саввич уонна Львов Егор Архипович үйэлэрин тухары бииргэ алтыһан, чугас доҕор — атас буолан, дьиэ кэргэнинэн доҕордоһон, наһаа эйэлээхтик олорбуттара. Львов Егор кэргэнинээн Маргариталыын 3 оҕолорун, сиэннэрин кытта Дьокуускай куораттан мэлдьи сайылыы, балыктыы, сынньана биһиэхэ Чкаловка күүлэйдии кэлээччилэр, оччоҕо аҕабыт, ийэбит наһаа да үөрэр – көтөр буолаллара.

Оройуоҥҥа участковай агрономынан ананан үлэлии сылдьар А.Николаев суругуттан аахтахха абаҕабыт Гурий 1944 сыллаахха сайын ортото дойдутугар төннөн кэлбит эбит – “Получил ваше письмо 2.12.1944г. Разрешите поздравить с возвращением на родину. С победой и званием ссержанта. Ваша знакомая Устинова (артистка), Кривошапкина (следователь) вышли уже замуж. Живут хорошо, здоровые. Я им рассказал о вашем прибывании на родину. Я, получив вашу фотокарточку удивился, что вы не выздоровели, но это должно быть проживали очень тяжелую жизнь. Кажется получили контузию на правом лбу…» — бу суруктан абаҕабыт Гурий сэриигэ сылдьан контузия ылбытын, сэриигэ барыан иннинэ элбэх кыргыттары кытта билсибитин, доҕордоспутун биллибит.

Ол гынан баран таптыыр кыыһын чуолкай аатын суруктарыттан сатаан булан аахпатым, бука сэрэйдэххэ Паша диэн ааттаах быһыылаах, тоҕо инник санааҕа кэллим диир буоллахха, үгүс табаарыстара мэлдьи суруктарыгар Пашаҕа привет ыыталлар, ол аата абаҕабыт чугас алтыһар кыыһа буолуон сөп. Аата ыйыллыбатах кыыс абаҕам аатыгар хас да суругу ыыппыт, онно  ийэтэ улаханнык ыалдьарын туһунан суруйар «соччо үтүө буолбат. Билигин хараҕа ыалдьар. Тугу да аһаабат” уонна тоҕо абаҕабыт дойдутугар сатаан кэргэн буолан барбатын туһунан быһааран суруйбут – «Мин эн дойдугар барарбыттан саарбаҕалыыбын. Маннык биричиинэннэн: ийэм здоровьята мөлтөх, куруук ыалдьар, аҕам эмиэ ыарытыйар, убайым Коля армияҕа өлбүтэ, биллэриитэ кэлбитэ, билигин туох да биллибэт, балтым буоллаҕына куоракка үөрэнэр, билигин киирэр, онон оччоҕо дьиэбитигэр киһи эмээннээх киһи орпот, бары тарҕаһан хаалабыт. Мин санаабар табыллыбат. Ол инниттэн мин дьон сүбэтинэн уонна бэйэм ис санаабынан маннык дуумайга түстүм. Эйиэхэ барарым адьас табыллыбат. Онон эн кэл. Эйиэхэ олоххор соччо тутуу суох. Ийэҥ эрэ. Эһиги урукку курдук манна олоруо этигит. Ийэҥ дойдутуттан арахсыбаппын диир буоллаҕына, олордун ээ. Мин эйиэхэ бардахпына адьас дьиэбитигэр ыһыллыы тахсар. Если мин эйиэхэ барыым, ийэм, аҕам манна өлөн хааллыннар, оччоҕуна туох тахсыай? Онон эн сүбэлэс ийэҕин кытта. Сотору бириэмэннэн быһаар. Мин дьоннорум сүбэтинэн, ис санаабынан, колхозтаахтарым сүбэлэринэн, даже райкомтан сылдьар дьоннор сүбэлэринэн олоҕуран эйиэхэ суруйдум. Миигин ис сүрэххиттэн таптыыр буоллаххына мин көрдөһүүбүн ылын. Мин эйигин таптыыбын, ол гынан баран условиям сатаммат. Ону эйигин да аахсыа дии санаан суруйдум, кыыһырыма, хомойума, быһааран ыыт… Манан мин суруйарым бүтэр, эн кэргэниҥ … 28.08.1945с.» — бу суруктан көрдөххө абаҕабыт кылгас да кэмҥэ таптыыр кыыһын кытта кэргэннэһэн олоро сылдьыбыт быһыылаах, ол гынан баран оҕоломмотохтор.

Ити курдук абаҕабыт Макаров Гурий Саввич кылгас да буоллар чаҕылхай олоҕун туһунан алҕаска ордон хаалбыт буорах сыттаах саһарбыт бойобуой доҕотторун, атастарын, таптыыр кыыһын суруктара төһө да сэрии бүппүтэ 75 сыл аастар, элбэҕи сэгэтэн кэпсээтилэр дии саныыбын. Бу манна ааттаммыт буойуттар аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ билигин да төрөөбүт улууспутугар үлэлии – хамсыы сылдьаллар, онон бары бииргэ түмсэн, чинчийии үлэни ыытан, үтүөкэннээх дьоммут ааттарын үйэлэргэ үйэтитэн хаалларбыт киһи диэн  баҕа санаалаахпын.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА