Саха сирин бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ биэдэмистибэлэр ардыларынааҕы мунньаҕы ыытта. Региоҥҥа былааннаммыттан 527,8 тыһ. туонна таһаҕас нэһилиэнньэлээх пууннарга тириэрдилиннэ, бу 72,2 %.
Таһаҕаһы тиэйиигэ 820 техника үлэлиир, кыһыҥҥы массыына суоллара аһаҕастар.
Дмитрий Садовников сүрүн болҕомтону Арктика кытылынан уонна хоту улуустарга уурары эттэ. Бу хайысхаҕа барыта 138,4 тыһ туонна таһаҕас тириэрдилиннэ.