Полиция отделын үлэһиттэрэ балконтан куосканы бырахпыт дьахтар, 30 саастаах Дьокуускай олохтооҕо буоларын чуолкайдаатылар. Регионнааҕы ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, дьахтары РФ ХК 245 «Кыылларга кырыктаах сыһыан»ыстатыйанан сууттуохтарын син.
Эрдэ кыыс итирик туруктаах сылдьан итирик туруктаах сылдьан, түөрт куоска оҕотун алтыс этээстэн бырахпытын туһунан кэпсиир видеота социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Кини бу быһыытын оҕо эрдэҕиттэн куоскаҕа аллергиялаахпын диэн быһаарбыта.
Социальнай ситимҥэ тахсыбыт видеонан көрдөххө, икки куоска оҕотун ааһан иһэр дьон булбуттар, өссө икки куосканы ветеринарнай клиникаҕа илдьибиттэр. Биир куосканы ис уорганнарыгар күүстээх эчэйиини ылбытынан сибээстээн утутарга күһэллибиттэрэ.