«Туохтан өлбүтүн биричиинэтэ билигин биллибэт. Экспертиза барар. 25 саастаах эр киһи өлүгүн Дзержинскай уулуссаҕа эргиир оройуонугар буллулар», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Эдэр киһи сүппүтүн туһунан биллэрии кулун тутар 7 күнүгэр киирбитэ. Полицияҕа сүппүт киһи эдьиийэ тыллаабыт. Эр киһи Өлүөхүмэ оройуонуттан төрүттээх, Дьокуускайга олорбут уонна үлэлээбит.
Өлүгү холуобунай ирдэбил сотрудниктара буллулар.