ХНТ историятыгар Аан дойду дьахталларын күнүнэн биллэр. 1910 сыллаахха Сэссийэлиистии Интернационал (Копенгаген) быһаарыытынан кулун тутар 8 күнэ Аан дойдутааҕы дьахтар күнүнэн биллэриллибит. 1965 сыллаахтан Дьахтар күнэ өрөбүл күнүнэн ааҕыллар.
Түбэлтэлэр
- 1910 — Сэссийэлиистии Интернационал (Копенгаген) быһаарыытынан кулун тутар 8 күнэ Аан дойдутааҕы дьахтар күнүнэн биллэриллибит.
- 1917 — урукку истиилинэн олунньу 23 күнүгэр, саҥа ааҕыынан кулун тутар 8 күнүгэр Петроградка суфражисткалар «Килиэби уонна эйэни!» диэн луоһуннаах демонстрациялара буолбут. Нөҥүө күнүгэр Путиловскай собуот оробуочайдара өрө турууну оҥорбуттар, бэлииссийэни кытта харсыылар буолбуттар. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт.
- 1930 — Ииндийэҕэ Махатма Ганди салалтатынан аҥылычааннарга бас бэриммэт буолуу хампаанньата саҕаламмыт.
- 1963 — Кытай Арассыыйаны кытта 1858 сыллаахха түһэрсиллибит Айгуннааҕы сөбүлэҥи тохтоторун биллэрбит, сирдэрин төттөрү көрдөөбүт.
- 1965 — Дьахтар күнэ Сэбиэскэй Сойууска өрөбүл күнүнэн биллэриллибит.
Төрөөбүттэр
- 1932 — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Иккис Баатара нэһилиэгэр Колесов Гавриил (1997 өлб.) — саха суруйааччыта, Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1946 — Кашин Виталий (03.01.2010 өлб.) — история билимин хандьыдаата.
- 1964 — Ушницкай Василий — саха омугун эрдэтээҥи устуоруйатын үөрэтэр чинчийээччи, история билимин хандьыдаата.
- 1974 — Амма оройуонун Болугур сэлиэнньэтигэр Семен Григорьев — палеонтолог учуонай, ХИФУ Сэлии түмэлин дириэктэрэ (2020 с. өлб.)
Өлбүттэр
- 1755 — Крашенинников Степан (1711 төр.), нуучча Камчаатканы чинчийээччитэ.
- 1950 — Сергей Бахрушин, үс томнаах «Саха сирин устуоруйатын» («История Якутии») сүрүн эрэдээктэрэ.