2009 сыл кулун тутар 28 күнүгэр бу чыыһылаҕа планета үрдүнэн олорор дьон бары «Сир чааһа» (нуучч. «Час Земли») диэн улахан аһымал акция ыыппыттар. Бу акция сүрүннээн «баараҕай сылыйыыны» (нуучч. «глобальное потепление») утары охсуһуу диэн быһаарбыттара тэрийээччилэр.
Бэлиэ күннэр
- Азербайдьан — Азербайджан куттала суох буолуутун уорганнаырн күнэ
- Кабардино-Балкария — Балкаар омугун барҕарыытын уонна балкаар судаарыстыбаннаһа сөргүтүллүүтүн күнэ[1]
- Чехия — «педагогика аҕата» диэн ааттаммыт Ян Амос Коменскай төрөөбүт күнэ
- Кытай, Тибиэт — Тибиэт олохтоохторо кулуттааһынтан босхоломмут күннэрэ
Түбэлтэлэр
- 364 — Рим импиэрийэтэ Арҕаа уонна Илин импиэрийэлэргэ арахсыбыт (импэрээтэр Валентиниан импиэрийэ илин өттүн Валент диэн инитигэр салайтара биэрбит).
- 1922 — Дьокуускай чугаһыгар Маҥан туһаайыытынан Намсыыр күөлгэ кыһыллары кытта үрүҥ бастаанньыттар кыргыспыттар. Хотторон баран I Үөдэй нэһилиэгин Спасскай таҥаратын дьиэтигэр 100-чэ киһилээх этэрээт түспүт. Хамандыыр — Турнин диэн саха киһитэ.
- 1930 — Константинополь уонна Ангора куораттар саҥа туурактыы ааттаммыттар — Стамбул уонна Анкара.
- 1939 — генерал Франко сэриилэрэ Мадрид куораты ылбыттар.
- 1956 — Максим Аммосов реабилитацияламмыт.
- 2009 — бу чыыһылаҕа планета үрдүнэн олорор дьон бары «Сир чааһа» (нуучч. «Час Земли») диэн улахан аһымал акция ыыппыттар. Бу акция сүрүннээн «баараҕай сылыйыыны» (нуучч. «глобальное потепление») утары охсуһуу.
Төрөөбүттэр
- 1868 — Максим Горькай (өлб. 1936) — нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, элбэх айымньылара сэбиэскэй оскуола бырагырааматыгар бааллара, билигин да хас да айымньыта Арассыыйа оскуолатыгар үөрэтиллэр.
- 1945 — Усуйаанаҕа Евдокия Федорова — Саха сирин демографиятын чинчийээччи, география билимин доктора.
Өлбүттэр
- 1584 — Иван IV Уордаах Уйбаан (1530 төр.), бастакы нуучча ыраахтааҕыта (1547—1584).