«Кулун тутар 25 күнүттэн Арассыыйа Федерациятыгар мобилизациялыыр тэрээһиннэр сөргүтүллүөхтэрэ», — диэн ис хоһоонноох сураҕы кытта Оборуона министиэристибэтин тустаах бирикээһэ социальнай ситимнэргэ, телеграмҥа тарҕанна. Үүт-үкчү маннык сымыйа докумуон былырыын күһүн эмиэ тарҕаммыта, суруйар «Саха сирэ» сайт.
Бу постары Украинаны өйүүр дьон тарҕаппыт буолуохтарын сөп.
Санатан суруйдахха, Арассыыйаҕа мобилизациялыыр тэрээһиннэр 2022 сыл алтынньытыгар түмүктэммиттэрэ уонна онтон ыла ыытылла иликтэр. Билигин Арассыыйа аармыйатын кэккэтигэр бэйэ баҕатынан сулууспалыы кэлэр дьону эрэ ылаллар.
Бу туһунан «Война с фейками» телеграм ханаал суруйар.