Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сылгыһыт күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 1373 Ыйааҕынан 2016 сыл атырдьах ыйын 17 к. олохтоммута
- Сир Хотугу эҥэлэйигэр (Хотугу полушариеҕа) осторонуомуйа үөрэҕин көрүүтүнэн Саас саҕаланыыта — Күнүс-түүн сааскы тэҥнэһиитэ
- ЮНЕСКО — Аан дойдуга поэзия күнэ
- ХНТ — Аан дойдуга ойуур күнэ
- ХНТ — Расанан көрөн туоратыыны-атаҕастааһыны суох гынар иһин охсуһуу күнэ
- ХНТ — Аан дойдуга Навруз күнэ
- Аан дойдуга куукула тыйаатырын күнэ
- Үөрэх көҥүлүн күнэ
- Бельгия, Италия, Лесото, Португалия — Мас олордуутун күнэ
- Грузия — Пограничник күнэ
- Ираак — Саас күнэ
- Малайзия — Теренггану султаан күнэ
- Миэксикэ — Бенито Хуарес төрөөбүт күнэ. Бу күн судаарыстыба биэс сүрүн бырааһынньыктарын (Fiestas Patrias) ахсааныгар киирэр. Бенито Хуарес Миэксикэ (1806—1872) улуу бэрэсидьиэнинэн билиниллэр
- Намибия — Тутулуга суох буолуу күнэ (1990)
- Польша — Борогуулсук күнэ. Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ саас кэлбитин бэлиэтээн үөрэнэ барыа суохтарын сөп үһү
- АХШ — Тыа хаһаайыстыбатын күнэ
- Тунис — Ыччат күнэ
- Соҕуруу Африка — Киһи быраабын күнэ
- Япония — Сааскы күн тэҥнэһиитэ.
Түбэлтэлэр
- 1556 — Оксфордка Биибилийэни ааҥыл тылыгар тылбаастаабыт Томас Кранмер диэн эпиискэби уматан өлөрбүттэр.
- 1844 — Бахаи халандаара саҕаланар. Бахаи итэҕэлин дьоно бу күн саҥа дьылы бэлиэтииллэр.
- 1871 — Отто фон Бисмарк Германия импиэрийэтин бастакы рейхсканцлера буолбут.
- 1901 — идэтийбит өрөбөлүүссүйэньиэр, Тифлискэ сэссийээл-дэмэкэрээттии түмсүү салайааччыта Виктор Курнатовскай 2,5 сылга хаайыллыбыт уонна 4 сылга Илин Сибииргэ көскө ыыттыллыбыт. Хаайыытын болдьоҕо бүтүүтэ 1903 сыллаахха сэтинньи ыйга Дьокуускай куоракка көскө ыытыллыбыт. Манна 1904 сыллаахха 56 сыылынайдар өрө турууларын — «Романовканы» — салайбыт.
- 1918 — Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэт талыллыбыт.
- 1919 — Венгерскай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ үөскээбит.
- 1921 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа байыаннай хомуньууһум бэлиитикэтин оннугар саҥа экэниэмикэ бэлиитикэтэ биллэриллибит.
- 1943 — Вермахт эппиһиэрэ Рудольф фон Герсдорф Адольф Гитлеры өлөрө сатаабыта сатамматах.
- 1961 — Арҕаа Сибииргэ бастакы хара уматык (ньиэп) хачайдаммыт.
- 1980 — АХШ бэрэсидьиэнэ Джимми Картер 1980 сыл сайыныгар Москубаҕа буолуохтаах Олимпиаданы АХШ бойкуоттуурун туһунан биллэрбит. Төрүөтэ: Сэбиэскэй Сойуус Афганистааҥҥа сэбилэниилээх күүстэрин киллэриитэ.
- 1990 — Намибия 75 сыл кэнниттэн ЮАР-тан тутулуга суох буолбут.
- 1992 — Татарстааҥҥа референдум буолбут, олохтоохтор үс гыммыт иккилэрэ тутулуга суох дойду ыстаатыһын иһин куоластаабыттар.
- 2000 — Иоанн Павел II аан бастаан Израильгэ сылдьыбыт.
- 2013 — Саха Сирин успуордун миниистирин бастакы солбуйааччынан аатырбыт боксуор Георгий Балакшин анаммыт.
- 2006 — Twitter түмэт-ситим олохтоммут.
Төрөөбүттэр
- 1912 — Георгий Башарин, саха аатырбыт устуоруга, түмэт дьайыксыта (уопсастыбаннай диэйэтэлэ), РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх дьайыксыта(диэйэтэлэ), устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.
- 1915 — Бороҕон улууһун Хоротугар Евграф Крылов (1974 өлб.), саха худуоһунньуга, айылҕаны дьүһүйүү маастара.
- 1941 — Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар Люлия Григорьева, саха бэлиитигэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ (1985-1989).
- 1950 — Амма Бөтүҥэр Николай Ефремов, саха тылын синтэксииһин чинчийэр учуонай, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
- 1957 — Кэбээйи оройуонун Кэбээйи сэлиэнньэтигэр Иван Иннокентьев, нууччалыы суруйар саха суруйааччыта, суруналыыс.
Өлбүттэр
- 1990 — Бороҕон улууһун Суоттутуттан төрүттээх Петр Барашков (1910—1990), — саха тылын дорҕоонун уонна түөлбэ тылын чинчийбит учуонай, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.