14 Балаҕан ыйа 14.09
  • $ 90,93
  • 100,8

Кулун тутар 1 күнэ. Аан дойдуга гражданскай көмүскэнии суолтата бэлиэтэнэр - Бикипиэдьийэ

08:59, 01 марта 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

  •  ХНТ (ЮНЭЙДС) — Дискриминацияны утарар күн[1]. Бу күн ЮНЭЙДС (ВИЧ/СПИД утары ХНТ программата) көҕүлээһининэн ыытыллар. Ол эрээри, бэлиэ күн аҥардас биир ыарыыга ылларбыт дьон тэҥ бырааптарыгар эрэ болҕомто тардыынан муҥурдаммат, хабар эйгэтэ киэҥ: дискриминация ханнык баҕарар көстүүлэрэ дьону тэҥэ суох гыналлар, дьон олоҕун айгыраталлар. Бэлиэ күн быйылгы тимэмэтэ: Дьахтары уонна кыыһы дискриминациялыыры төрдүттэн суох оҥоруу.
  •  Гражданскай көмүскэнии аан дойдутааҕы күнэ
  •  Имбэлииттэри өлөрүүгэ болҕомто уурар күн
  •  Бэйэ этин-сиинин бааһырдыыга болҕомто ууруу күнэ
  • Комплимент аан дойдутааҕы күнэ [2]
  •  Исландия — Пиибэ күнэ. 1989 сыллаахха бобуу суох буолбутун кэннэ бэлиэтэнэр
  •  Ираак (Курдистаан) — Мустафа Барзани күнэ
  •  Парагвай — Дьоруойдар күннэрэ
  •  Босния уонна Герцеговина — Тутулуга суох буолуу күнэ (Югославияттан, 1992)
  •  Польша — «Кырыыстаах саллааттары» ахтар күн
  •  Маршалл арыылара — Ахтыы күнэ
  •  Соҕуруу Кэриэйэ — Самилджоль. 1910-1945 сс. Япония баһылыырын утары хамсааһын сиэртибэлэрин ахтар күн. 1919 сыллаахха Сеулга бу күн улахан хаан тохтуулаах дьалхаан буолбута
  •  Румыния Молдавия — Марцишор, саас саҕаланыыта
  •  Микронезия (Йап штаат) — Йап күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1562 — Васси диэн сиргэ (Франция) 63 гугеноту өлөрбүттэр, мантан сылтаан Францияҕа итэҕэл сэриилэрэ саҕаламмыттара.
  • 1810 — Александр I ыраахтааҕы Абхазия Арассыыйа Импиэрийэтигэр киирбитин туһунан манифест таһаарбыт.
  • 1811 — Мамлюктар династияларын баһылыктарын Эгиипэт ыраахтааҕыта Мухаммед Али өлөттөрбүт.
  • 1896 — Анри Беккерель атомнар радиациялаах үрэлиилэрин арыйбыт.
  • 1921 — Петроградка көҥүлү кэҥэтии иһин дьалхаан буолбутун түмүгэр Кронштадтааҕы өрө туруу саҕаламмыт, мотуруостар уонна куорат олохтоохторо бассабыыктар утары саа-саадах туппуттар.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитэБолгария Тройственнай пакт диэн докумуоҥа илии баттаан Германия, Италия уонна Япония өттүлэригэр буоларын биллэрбит.
  • 1945 — Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
  • 1953 — Иосиф Сталин инсуллаабыт уонна өйүн сүтэрит; түөрт хонон баран өлбүтэ.
  • 1966 — Сэбиэскэй «Венера-3» хараабыл Чолбоҥҥо сууллубут, атын планетаҕа түспүт бастакы хараабыл буолбут.
  • 1967 — Мэҥэ Хаҥаласка Герой Попов аатынан совхоз тэриллибит.
  • 2004 — Михаил Фрадков Арассыыйа премьер-миниистирэ буолбут.
  • 2008 — Читинскай уобалас уонна Агинскай-Бурятскай автономнай уокурук холбоһоннор Забайкальскай кыраай үөскээбит.
  • 2011 — Арассыыйаҕа «Полиция туһунан» сокуон олоххо киирбит.

Төрөөбүттэр

  • 1932 — Дьокуускайга Роза Шелехова — Саха Сирин советскай уонна гражданскай сэрии кэминээҕи устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1934 — Үөһээ Бүлүү Ороһутугар Николай Тобуруокап — лингвист учуонай, литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин дуоктара. Өксөкүлээх Өлөксөй, Б. Ойуунускай, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Кындыл Уйбаан, Сэмэн Руфов о. д. а. саха суруйааччыларын, бэйиэттэрин айымньыларын сиһилии чинчийбитэ.
  • 1934 — Иннокентий Томскай (19.09.2001 өлб.) — саха биллиилээх учуонайа, экономика билимнэрин дуоктара.
  • 1935 — Ньурба Таркаайытыгар Нүһүлгэн (Ксенофонт Уткин) — философия билимин дуоктара, профессор, бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ.
  • 1946 — Таас Үрэх бөһүөлэгэр (билигин Мииринэй оройуона) Виталий Басыгысов — 2008 с. Ил Түмэн бэрэстээтэлэ.

Өлбүттэр

  • 1981 — Таллан Бүрэ (Ефрем Сивцев, 25.01.1909 төр.) — Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх саха биллиилээх суруйааччыта. Бэйиэт туһунан Сэмэн Данилов маннык эппиттээх: «Кини өрүү тыл ойуулуур, оһуордуур кэриҥин, кыаҕын кэҥэтэр иһин охсуһар».
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА