Сахабыт сирин өҥүрүк куйааһын тулуйар киһи аҕыйах. Куйааһы киһи эрэ барыта уйбат, улаханнык эрэйдэнэр. Бэйэ туругун арыый тупсарар туһугар бу судургу эрээри, көдьүүстээх сүбэлэри туһаныҥ.
Элбэх ууну иһэбит. Куйааска кыра-кыра омурдуунан күҥҥэ 2-2,5 лиитирэ ууну иһэргэ сүбэлииллэр. Ол инниттэн бэйэни кытта уулаах бытыылканы илдьэ сылдьар табыгастаах. Манна даҕатан эттэххэ, тымныы уу киһини тиритиннэрэр, оттон минньигэс утах, төттөрүтүн, утатыннарар. Онон балартан аккаастанабыт.
Чаастатык суунабыт. Кыаллар буоллаҕына, күҥҥэ хаста даҕаны дьиэтээҕи температуралаах уунан душтанар ордук. Оттон киэһэ-сарсыарда сылаас-тымныы уунан хардары-таары сайҕаныы күн устата сэниэлээх сылдьарга көмөлөһөр эбит. Күнүскү өттүгэр моойу, сирэйи, тоҥолох, тобук ис өттүлэрин, бэгэччэктэри сииктээх салфетканан сотто сылдьыы эмиэ куйаас кэмҥэ абыраллаах.
Сөпкө аһыыбыт. Куйааска хаһааҥҥытааҕар да сөпкө аһыыр ирдэнэр. Дьыл бу кэмигэр чэпчэки, калорийа суох аһылык барсар. Холобур, сарсыарда халбаһылаах килиэп оннугар хааһы, иэдьэгэй, оҕуруот аһыттан салаат сиэххэ сөп. Эбиэккэ сыалаах-арыылаах ынах, убаһа эттээх аһылык оннугар сүбүөкүлэттэн, оҕуруот аһыттан, куурусса этиттэн миин ордук. Ыһаарыламмыт аһылыгы тохтотобут. Ол оннугар оҕуруот аһын, фруктаны, үрүҥ аһы сиибит.
Гигиена быраабылаларын тутуһабыт. Улахан кыһалҕата суох чуолаан күнүс 12.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри таһырдьа тахсартан туттунар ордук; күн уотугар сыраллыах кэриэтэ, салгына суох кыбартыыраҕа, үлэлиир сиргэ хорҕойбут ордук. Кондиционердаах дьиэ буоллаҕына, өссө ордук. Кыаллар буоллаҕына, эбиэттээн баран кыратык утуйан ылыахха сөп. Күнтэн харыстыыр кириэмэ, салгын ачыкыта суох таһырдьа тахсартан аккаастаныҥ. Оттон таһырдьа тахсыбакка сатаммат буоллаххытына, саамай табыгастаах кэмнэри баттаһарга кыһаллыҥ — сарсыарда 11.00 чааска диэри уонна киэһэ 18.00 чаас кэнниттэн.
Источник: Саха сирэ саайт