22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өктөм - Төхтүр хайысханан “Умнас” айан трассатыгар киирии суол тутуута түмүктэнэр

14:01, 09 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Умнас айан суолун 53 км Өктөм — Төхтүр киирии суолун реконструкцията түмүктэнэрэ чугаһаата. Ол туһунан Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев кэпсээтэ, СИА суруйар.


“Суол реконструкциятыгар “Автодор” тэрилтэни кытта 2020 сыл кулун тутар 11 күнүгэр хантыраак түһэрсиллибитэ. Аспаалын ууруу түмүктэннэ, сир болотунатын сирэйин оҥорууга былаанныыр үлэ барар уонна суол обустройствотыгар”, — диэтэ Олег Иринеев. Өрөмүөн үлэтин тутуу алтынньы эргэтигэр былааннанар.
Бырайыак быһыытынан биэс турба уларыйар, сир болотуната хаҥатыллар. Суолу таҥастааһыҥҥа саҥа технология туттуллар.
Хаҥалас улууһугар бу сылга «Развитие транспортного комплекса Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» бырагырааманан уонна «Безопасные качественные автомобильные дороги» нацбырайыагынан 30 килэмиэтир суол оҥоһуллар.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА