Бу субуотаҕа, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ Бүтүн Россиятааҕы «Кросс нации» буолуоҕа. Далааһыннаах дьаһалга ким баҕалаах кыттар, суруйар маассабай спорт управлениетын пресс-сулууспата.
Саастарынан бөлөххө арахсан сүүрүөхтэрэ:
кыргыттар уонна уолаттар (2010 с.т. уонна онтон кыралар) — 1 км эбэтэр 2 км (тэрийээччи быһаарыытынан);
кыргыттар уонна уолаттар (2008-2009 с.т.) — 2 км;
кыргыттар уонна уолаттар (2005-2007 с.т.) — 2 км;
дьахталлар уонна эр дьон (2004 с.т. уонна онтон үөһэ саастаахтар) — 2 км.
Туспа салайааччыларга анаан сүүрэр суол тэриллиэҕэ. Дистанциялара — 2 км.
Мустуу АГАТУ үөрэх тэрилтэтин таһыгар.
Регистрация 09:00 — 11:00 чааска.
11:30 сүүрүү арыллыыта, 12:00 — старт.