Красноярскай куоракка муусука эйгэтигэр ураты сонун тэрээһин буолла, «Стихия звуков» диэн идэтийбит национальнай аркыастырдар бэстибээллэрэ сэтинньи бүтүүтэ тэрилиннэ. Арассыыйа үрдүнэн аан бастаан ыытыллыбыт бэстибээлгэ Башкортостан, Тува, Бурятия, Хакасия, Красноярскай кыраай уонна Саха сирин мусукааннара муһуннулар.
Саха сириттэн Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Национальнай Үҥкүү тыйаатырын норуот үстүрүмүөннэригэр аркыастыра ситиһиилээхтик кытынна. Бэстибээлгэ «Кыл Саха» бөлөх мусукаана Руслан Габышев ох кылынан кытынна. Кинини туспа соҕотохтуу оонньоттулар – ох кыл араастаан ытыыр, ыллыыр, аттыы кистиир, бөрөлүү улуйар тыаһын истээччилэр: «Ох-ох и ах!», «Меня поразили самобытные древние инструменты, я был очень удивлен от лука-ох» диэн сөхпүт санааларын үллэһиннилэр.
СӨ үтүөлээх артыыската, «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта Анна Томская «Тэтим» биэриигэ кэпсээн турар: «Биһиги дьоллоохпут – төрүт дорҕоону сайыннарарга, байытарга үлэлиирбититтэн. Салайааччыбыт Николай Петров куруук сахалыы дорҕоонноох кырыымпаны көрдүүр этэ. Биһиги дьолбутугар, саха дьолугар кэлбит киһи – Руслан Габышев булбут дорҕоонун сүтэриэ суохтаахпыт диэн санааттан, идэтийбит мусукааннар – аркыастыртан, Олоҥхо тыйаатырыттан, муусука кэллиэһиттэн түмсэммит, бөлөх тэриммиппит. Ох саа кыл аан бастаан биһиэхэ Саха сиригэр тыаһаата. Атын омуктар сөҕөллөр, ымсыыраллар. Руслан манна өссө хаарга киһи хаамар тыаһын иһитиннэрдэ, тыйыс тымныылаах дойдубут туманын быыһыгар киһи хаамара итэҕэтиилээхтик иһилиннэ».
Бэстибээл сөҕүмэр ситиһиитэ, арыйыыта — «Стихия мира» диэн Красноярскайдааҕы филармония эдэр композитора Владимир Кошелев кросс-сюитата буолла. Дирижер Валерий Шелепов алта дойду аркыастырын 246 тус-туһунан тыастаах-уустаах үстүрүмүөннэрдээх мусукааннарын түмэн, кыайа тутан, 5 түһүмэхтэн турар дьиктилээх бэйэлээх айымньыны оонньотто – киирииттэн ураты айылҕа түөрт көстүүтүн – уу, салгын, сир, уот көстүүлэрин үстүрүмүөн нөҥүө биэрдэ.
Итиччэ элбэх, бэйэлэрин дойдуларыттан чулуулар түмсүбүт дьонтон ала-чуо «Кыл Саха» мусукааннарын инники олордон (Дмитрий Винокуров – тойон кырыымпа, Дьулустаан Никифоров, Анна Томская – кыл кырыымпа, Афанасий Томскай – хомус, Руслан Габышев – ох кыл) аан дойдуга иһиллэ илик айымньы саҕаланна. Бастакынан СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскай хомуска сахалыы намыыннык сыыйа тардан саҕалаабытын, Руслан Габышев ох кылынан иилэ хабан ылан салҕаата. Итинтэн салгыы Туваттан игил, чадаган, Хакасияттан пыргы, чатхан, Бурятияттан лимба, хур, чанза, Башкортостантан курай, кубыз, ятаган, сахалар кыллара, хомус, нууччалар гуслилара, балалайкалара о.д.а. этиэхтэн эриэккэс, истиэхтэн кэрэ тыастаах үстүрүмүөннэр сах саҕа кэмиттэн саҕалаан, арт-рок күүстээх тэтимигэр тиийэ оонньоон, балтараа тыһыынча көрөөччү болҕомтотун кыл да түгэнэ ыыппатылар.
Бу сөҕүмэр айымньы ис хоһоонун сцена кэтэҕэр улахан экраҥҥа көстөр видео-уһулуу, хаартысканан дьүһүйүү биэрэргэ дылы. Бастаан төрүт үстүрүмүөннэр оонньуур кэмнэригэр айылҕа кэрэ көстүүлэрэ, чаҕылыйа ыһыллар ыраас уу, үрдүк хайалар көстөллөр. Өбүгэ тыына, олоҕо хабарҕа ырыатыгар иһиллэргэ дылы. Онтон олох сайдан иһиитэ – улахан куораттар, далааһыннаах тутуулар, хайаны уҥуордуур тыргыллар суоллар, улуу эбэлэри ситимниир муосталар көстөр кэмнэригэр муусука тэтимирэн, улаатан барара тыҥааһыны үөскэтэр. Бүтэһигэр эмиэ төрүт үстүрүмүөннэр намчы тыастара иһиллэрин сэргэ экраҥҥа күн тахсар, ону тэҥэ айылҕабытыгар төннөрбүтүн мэктиэлиирдии, Руслан ох кылыгар уйаҕас бэйэлээхтик ат кистиир… Ытыс тыаһа!
Бэстибээл салайааччылара бэлиэтииллэринэн, бу сюита элбэх муусука үстүрүмүөннэригэр ананан суруллубут айымньы быһыытынан Арассыыйа рекордун кинигэтигэр киириэн сөптөөх. Салгыы сайыннаран, маннык тэрээһини аан дойду таһымыгар таһаарар баҕа санаалаахтар эбит.
Руслан Габышев Сибиир муусукааннарын билиниитин ылбытын маннык түгэн кэпсиир. Красноярскай филармониятыгар репетицияҕа алҕас атын заалга киирэн кэлбит. Сүүсчэкэ мусукаан, кини ох-саа кыллаах киирэн кэлбитигэр, үнүстүрүмүөннэрин чаачардарынан (смычок) охсуолаан тыас таһааран эҕэрдэлээбиттэр. Ох кыл – соҕотох. Оххо оонньуур – соҕотох буоллаҕа эбээт.
Москубаҕа САССР тэриллибитэ 100 сылынан тэриллэр “Саха сирин күннэригэр” Руслан Габышев кыттыыны ылар.
Ааптар: Мария Габышева, Майа сэлиэнньэтэ