Арассыыйа Дьоруойа, космонавт-чинчийээччи Олег Артемьев Саха сирин олохтоохторуттан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Юрий Гагариҥҥа анаммыт телеграммалары Ил Дархан Айсен Николаевка туттарда.
Телеграммалары Дьааҥы уонна Таатта улууһун олохтоохторо суруйан ыыппыттар. Бу историческай докумуоннары Олег Артемьев космоска илдьэ сылдьыбыт.
«1961 сыллаахха Юрий Гагарин космоска тахсан, дьиҥнээх дьоруойунан буолбута. Ийэ сир хас биирдии муннугар, дойду хас биирдии дьиэтигэр бастакы космонавт аата дорҕоонноохтук иһиллибитэ. Саха сирин олохтоохторо эмиэ бу түгэни таах хаалларбатахтара. Бу телеграммаларга Саха сирин кыра дэриэбинэлэрин олохтоохторо Юрий Алексеевиһы космоска ситиһиилээхтик көтүүтүнэн эҕэрдэлииллэр, кини хорсун быһыытын сөҕөллөр. Юрий Алексеевичка аан дойду тапталын дакаастыыр. Олег Германовичка бу бэлэҕи биһиэхэ Саха сиригэр аҕалбытын иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин! Телеграммалары түмэлгэ биэрэхпит уонна өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт, харыстыахтаахпыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйар.
Космонавт Олег Артемьев Саха сиригэр «Цифровой алмаас» үһүс федеральнай пуорумҥа кыттар. Маны таһынан Арассыыйа Дьоруойа МКС-ка илдьэ сылдьыбыт Кындыкаан куукуланы биэрбитэ, успуорт Саха национальнай көрүҥнэрин кытта билистэ уонна СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев туһунан киинэни көрдөрүүгэ сырытта, суруйда Саха сирэ саайт.