Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус инфекцията суох. Маны сэргэ тумуу туруга 15 саастарыгар диэри этэҥҥэ ааһан эрэр. Ити эрээри 15 сааһыттан үөһэ ыалдьааччы ахсаана элбиир. Бу туһунан Саха сирин доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Елена Борисова СИА-ҕа эттэ.
Балыыһаларга Кытайтан уонна соҕуруу-илиҥҥи Азияттан кэлбит 22 тумуулаабыт киһи көрдөрүннэ. Кинилэртэн анаалыстар ылыллыбыттара, инфекция суоҕа бигэргэммитэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ 22 киһиттэн сэттэ киһи кэтэбилгэ баар. Атыттар дьиэлэригэр тахсыбыттара. Анаалыстар түмүктэрэ барыта кэлбитэ, коронавирус суоҕа биллибитэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ бу ыарыы суох», — диэтэ миниистир Елена Борисова.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр кэлбит 12 Кытай гражданина быстах кэмнээҕи изоляцияҕа киллэриллибиттэр. Борисова эппитинэн, кинилэртэн анаалыс ылыллыбыт, билигин кэтээн көрүүгэ сылдьаллар.
Тумуу туһунан салайааччы маннык бэлиэтээтэ: 15 саастарыгар диэри ыалдьааччы ахсаана аҕыйыыр, манна оскуолаларга харантыын биллэриллибитэ олук буолбут. Ити эрээри 15 сааһыттан үөһэ саастаахтар ыалдьыылара бэлиэтэнэр.