Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансерга биир ыарыһахха коронавирус инфекцията баара лабораториянан бигэргэннэ. Суһал былаанынан, диспансерга эпидемияны утары үлэлэр ыытыллалар, санация оҥоһуллар, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Медицина тэрилтэтэ алгоритмы тутуста, маннык балаһыанньаҕа бэлэм олорбута. ЯРОД ыарыһахтарга былааннаах толору эмтэниини оҥорор, харантыыҥҥа сабыллыбат», — биэдэмистибэ иһитиннэриитигэр суруллар.