25 Сэтинньи 25.11
  • -18°
  • $ 102,58
  • 107,43

Коронавирус пандемията аан дойдуга күүһүрэн эрэрин биллэрдилэр

15:01, 28 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһунан биллэриллибит пандемия аан дойдуга күүһүрэн эрэрин туһунан доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) салайааччыта Тедрос Аданом Гебрейесус бэнидиэнньиккэ Женеваҕа буолбут брифиҥҥа эппит. Бу туһунан ТАСС суруйар.


Бүтэһик алта нэдиэлэҕэ ыалдьыбыт киһи ахсаана икки төгүл элбээн, 16 мөл киһиэхэ тэҥнэспит. Өлөөччү ахсаана — 640 тыһ.

Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ бу нэдиэлэҕэ ыксаллаах быһыыга-майгыга кэмитиэтин кытары пандемияны саҥаттан ырытыахтара. Мунньах түмүгүнэн туһааннаах сүбэлэр оҥоһуллуохтара. Санатар буоллахха, тохсунньу 30 күнүгэр тэрилтэ коронавирус тарҕаныытын аан дойдуга ыксаллаах быһыынан биллэрбитэ.

«Коронавирус пандемията Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтин устуоруйатыгар биир саамай улахан уонна кутталлаах көстүүнэн буолар. Вирус тарҕаныытын аан дойду үрдүнэн Австралия, Вьетнам, Германия, Камбоджа, Канада уонна Кытай дойдулара кыайа-хото туттулар», — диэтэ тойон.

Кини ыалдьыбыт дьону, алтыспыттары булуу, туспа тутуу, ыарыыны булар тестары оҥоруу, эмтээһин вирус тарҕаныытын хонтуруоллуур тутаах миэрэлэр диир. Дьоҥҥо туһаайан илиилэрин кичэйэн сууналларыгар, дьонтон тэйиччи сылдьалларыгар, сабыылаах, элбэх киһилээх сирдэргэ сылдьыыны тохтотору, маасканы кэтэри санатар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА