Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб сэтинньи 9 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр эбии 203 киһи коронавирустаата, ол иһигэр Дьокуускайга — 118.
Улуустарга бииртэн аҕыска диэри ыалдьыбыт дьон баара бэлиэтэннэ. «Биирдиилээн ыалдьааччылар бу иннинэ ыарыы тарҕамматах нэһилиэнньэлээх пууннарыгар бааллара бэлиэтэннэ», — диэтэ штаб салайааччытын солбуйааччыта Ольга Балабкина.
3 киһи олохтон туораата.
Лабораторияларга 5000-н тахса тест оҥоһулунна.
This post was published on 09.11.2020 12:11 12:11