Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрэринэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр Саха сиригэр эбии 142 киһи COVID-19 ыарыыга сутулунна.
Дьокуускайга — 83;
Чурапчы – 10;
Бүлүү – 6;
Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Сунтаар – 4;
Аллайыаха, Булуҥ, Ньурба, Өймөкөөн, Орто Халыма – 3;
Нам, Уус Маайа, Хаҥалас, Эбээн Бытантай – 2;
Амма, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Кэбээйи, Муома, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Таатта – 1.
Ааспыт сууккаҕа 742 анаалыс оҥоһулунна. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 1 348 413 тест оҥоһуллубут.