Өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок киириитигэр лиидэринэн иһэр АЛРОСА хампаанньа көмөтө тугунан да сыаналаммат. АЛРОСА коронавирус инфекцията тарҕанарын утарсар дьаһаллары үбүлүүр суумата 165,6 мөлүйүөн солкуобайы аһарда.
2020 сыл муус устар 6 күнүнээҕи туругунан, 147 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Бу суума ыарыыны сэрэтэр, эмтиир тэрилтэлэри наадалаах эмтэринэн уонна медицина тэриллэринэн хааччыйыыга бэриллибитэ. Эмтэри уонна медицина тэриллэрин Мииринэй уонна Ленскэй оройуоттарыгар тириэрдии өссө кулун тутар саҕаланыытыгар саҕаламмыта. Чуолаан, билигин коронавируһы быһаарарга түргэн диагностика дьоҕус лабораториялара, ону сэргэ, 62 мөлүйүөнтэн тахса суумаҕа тустаах реагеннар уонна тестэр нобуордара атыылаһыллаллар.
Мииринэй, Ленскэй, Айхал оройуоннааҕы уонна куораттааҕы балыыһаларыгар сотору кэминэн аһымал көмө быһыытынан, бактыарыйаны уонна вируһу утарсар препараттары, ингаляцияҕа аналлаах суурадаһыннары, гормоннары, инфузионнай суурадаһыннары, медицина тэриллэрин уо.д.а. атыылаһарга 24,7 мөлүйүөн суумалаах үп ыытыллыаҕа. Өссө 21 мөлүйүөн солкуобай балыыһаларга кислород концентратордаах уонна орон таһыгар ууруллар монитордаах тыҥаны искусственнайдык салгылатар (ИВЛ) аппарааттары атыылаһарга бэриллиэҕэ. Билигин хааччыйааччыны талыы, үөрэтии үлэтэ бара турар.
Мааскалар атыылаһылыннылар
Ону таһынан, АЛРОСА медицинаҕа киинэ дьон үлэлииригэр куттал суох буоларын хааччыйар уонна ыарыы сибикитин эрдэттэн быһаарар тэриллэри, медикаменнары атыылаһар. Чуолаан, харыстанар мааскаларынан нэһилиэнньэни хааччыйарга улахан кыһалҕалар (ол иһигэр, ыарахан балаһыанньанан суобаһа суох туһанар үспүкүлээннэр бааллар) үөскээбиттэрин да иһин, 300 тыһыынчаттан тахса мааска номнуо атыылаһылынна. Итинтэн улахан аҥаара Мииринэйгэ ыытылынна, ону оҥорон таһаарар үлэлээх былаһааккаларга түҥэтиэхтэрэ. Маасканы атыылаһыы өссө да салҕанар, эбии кэлэрин күүтэллэр.
Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов АЛРОСА-тан бэриллэр аахсыйатын бакыатын сороҕун муус устар 2 күнүгэр атыылаабытыттан киирбит бэйэтин үбүттэн өссө 18,5 мөлүйүөн солкуобайы алмаастаах түөлбэҕэ биэрэр.
Үлэһиттэргэ кыһамньы күүһүрэр
Хампаанньа үлэтигэр куттал суох буолара санитарнай-эпидемиологическай усулуобуйаҕа муҥутуурдук учуоттанан тэрилиннэ. Офиска булгуччу үлэлииллэрэ ирдэниллибэт исписэлиистэр дьиэлэригэр олорон үлэлииллэр. Тэрилтэлэргэ үлэһиттэрин кыраадыстарын уонна респираторнай ыарыылар сибикилэрин бэрэбиэркэлииллэр, ыарыы сибикилээх дьон тэрилтэҕэ киллэриллибэттэр. Тэрилтэлэргэ уонна тырааныспарга дезинфекция үлэтэ күүскэ ыытыллар.