Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай пульмонолога Аграфена Аргунова компьютернай томографияҕа (КТ) күүскэ ыалдьыбыт дьон түһэрэ наадалааҕын, чэпчэкитик, о.э. симптома суох дьон «сэрэххэ» КТ-га түһэллэрэ наадата суоҕун, ону ааһан оннук түһүү сэрэхтээҕин этэр.
Аграфена Аргунова КТ COVID-19 ыарыытын чуолкайдык быһаарарын этэр. «Компьютернай томография ойоҕостотуулаах коронавируһу чуолкайдык быһаарар. ПЦР түмүгэ биллэ да илигинэ, чинчийии 95%-гар, коронавирус инфекцията баарын быһаарар. ПЦР отрицательнай түмүктээҕэр КТ ковид-ойоҕостотуутун көрдөрөр. Ити тест ыарыы араас түһүмэҕэр, араас түмүктэри көрдөрөрүнэн быһаарыллар. Өскөтүн КТ ыарыы баарын көрдөрбүт буоллаҕына быраастар тутатына эмтээн бараллар«, — диир кылаабынай пульмонолог.
– Бэйэ баҕатынан компьютернай томографияҕа түһэр оруннаах дуо?
— Симптома суох ыалдьа сылдьар киһи вируһу тарҕатааччы буолуон сөп. Ол иһин ити кэмҥэ КТга түһүү наадата суох. КТ сардаҥалара киһи доруобуйатыгар охсуулаахтар, ол иһин диагностика ити көрүҥэр быраас эрэ ыйыытынан түһэр ордук.
– КТ тас көрүҥүнэн ыалдьыбат киһиэхэ коронавируһу көрдөрүөн сөп дуо?
– Көрдөрүөн сөп, тас көрүҥүнэн доруобай дьоҥҥо коронавирус ойоҕостотуута көстөр. Ол эрэн бу классическай ойоҕостотуу буолбатах. Суһал көмөнү ыҥырар, балыыһаҕа киирэр наадата суох. Үксүн маннык ыарыһахтар дьиэҕэ эмтэниэхтэрин эбэтэр букатын да эмэ суох сылдьыахтарын сөп.
Аграфена Аргунова КТ көмөтүнэн күүскэ ыалдьыбыт ыарыһаҕы ханна (дьиэҕэ, балыыһаҕа), хайдах эмтиири быһаарарарга наадалаах диэн быһаарар.