Кириисиһи утары федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы миэрэлэри үбүлээһин ыйга 2 млрд солк улаатта — 23,4 млрд солк диэри тириэрдилиннэ. Ол туһунан экономика миниистирэ Майя Данилова Instagram сирэйгэ суруйда, СИА иһитиннэрэр.
Федеральнайдааҕы миэрэлэргэ 17,8 млрд солк ыытылынна, ол иһигэр 1,1 млрд солк нолуок төлөбүрдэрин уһатыыга, 4,98 млрд солк судаарыстыбаннай бюджет дотациятыгар. Оттон регионнааҕыттан — 5,62 млрд солк.
«3 — 16 саастаах оҕолорго 10 тыһ солк төлөбүргэ барыта 121 196 сайаапканан 1,9 млрд солк ыытылынна. 3 — 7 саастаахтарга ыйдааҕы төлөбүрү, ааспыт ыйы кытта тэҥнээн көрдөххө, 6,3 тыһыынчанан элбэх оҕо ылла. Билигин кинилэр ахсааннара 43 тыһыынчаҕа тэҥ, уопсай төлөбүр суумата 3 млрд солк», — диэтэ Майя Данилова.
Маны сэргэ 3-гэр диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ төлөнөр 5000 солк көмөнөн барыта 606,8 мөл солк тустаахтарга тириэрдилиннэ. Сайаапкалаах ахсаана 39 718.
3,8 млрд солк эбии төлөбүр быһыытынан доруобуйа харыстабылын уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрэ ыллылар. Обсерватордары уонна стационарнай тэрилтэлэри үлэлэтиигэ, итиэннэ персоналга көҕүлүүр чааһыгар барыта 831,4 мөл солк тыырылынна.
100 мөл солк нэһилиэнньэни эминэн хааччыйыыга ыытылынна, манна бюджеты таһынан үп эмиэ туттулунна.
11 029 үлэтэ суохтар (+495 киһи) кулун тутар 30 күнүттэн босуобуйалара улаатта. 3 036 киһиэхэ бэриллэр көмө харчы кээмэйэ биир МРОТ-ка тиийэ үрдэтилиннэ. 2 933 оҕоҕо хас биирдиилэригэр 3000 солк кээмэйдээх эбии төлөбүр көрүллэр (2521 ыал ылар).
«Нолуокка чэпчэтиилэр уонна уһатан биэриигэ, чэпчэтиилээх кредиттэр, судаарыстыбаннай мэктиэ (3,5 млрд солк кэриҥэ) бюджеттан ананыыта — тэрилтэлэр харчыларын хамнаска эрэ туһаайалларыгар усулуобуйа олохтоото», — диэтэ миниистир.
Дьоҕус уонна орто предпринимательство субъектарыгар чааһынан ороскуоттарын сабыыларыгар компенсацияҕа биир МРОТ кээмэйэ (12 130 солк) бэрилиннэ. Уопсайа муус устарга — 11 475 субъект, ыам ыйыгар — 10 724 субъект, уопсай суумата 470,9 мөл солк. ылла.
Барыта 279 микрозайм уопсай суумаҕа 192,1 мөл солк өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан, 135,6 мөл солк федеральнайдааҕы бюджеттан тыырылынна.
Дьоҕус уонна орто предпринимательствоҕа барыта 7 көрүҥ субсидия көрүлүннэ. Суумата — 98,5 мөл солк: лизиҥҥэ бырыһыан сабыыта, страховой взнос төлөөһүнэ, аренда, интернет маҕаһыын, сайт арыйыыта, бизнеһи цифровизациялааһын, туризмы сайыннарыы, коммунальнай төлөбүргэ. Субсидия 343 субъекка бэрилиннэ, уопсай суумата 35,4 мөл солк.