“Саастарынан болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ үлэтэ суох, биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи саастаах (предпенсионеры), өскөтүн дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турбут эрээри үлэ булбатах дьон – 54-тэн үөһэ саастаах дьахталлар итиэннэ 59-тан үөһэ саастаах эр дьон тахсыахтарын сөп” – диэн Подольская эппит.
Кинилэри таһынан буортулааах тэрилтэҕэ үлэлиир дьон болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар диэн эбэн эппит: дьахталлар – 45 саастарыгар, эр дьон – 50 саастарыгар.
Подольская этэринэн, 37-тэн кырата суох страховой ыстаастаах дьахталлар уонна 42-тэн аҕыйаҕа суох ыстаастаах эр дьон эмиэ итинник бырааптаахтар. Итини сэргэ 25 сыл үлэлээбиттэр – ити кэнниттэн 5 сылынан педагогтар, артыыстар, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ болдьох иннинэ биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар. Салгыы РИА Новости киирэн ааҕыҥ.





